“31 января церковь отмечает Афанасьев день. Считается, что сегодня ударят очень сильные морозы” диэн Википедияҕа сурулла сылдьар.
Оннооҕор соҕуруу дойдуга томороон тымныылар туругуран турдахтарына, биһиги Дьылбыт оҕуһун муоһа хайдах түһүөй? Кылаана эрэ кыларыйар буоллаҕа эбээт.
Ол гынан баран, сыл аайы тохсунньу 31 күнүгэр ватсапка Дьыл оҕуһун бастакы муоһа түспүтүнэн эҕэрдэлэһии буолар. Ол сахалыы халандаарга сыыһа суруллубутуттан сылтаан. Наар ону туоһу оҥостоллор.
—Дьыл оҕуһун муоһа хаһан түһэрин туһунан улахан мөккүөр тахсар. Тохсунньу 31 күнүгэр Дьыл оҕуһун муоһун кылаана кыларыйар (ол аата уһуга тостон сыппыыр), олунньу 12 күнүгэр бастакы, 24-гэр иккис муоһа түһэр. Муос кырамталара сайын кэлэр кэмигэр – ыам ыйын 22 күнүгэр диэри — сыыйа-баайа ууллан бүтэллэр. Сарсыардааҥҥы дьыбар, түүҥҥү тоҥоруу, кэмсиин — муос тобоҕун “үлэтэ”.
Дьыл оҕуһа моонньоох баһа быстыбат, өлбөт. Хотугу муустаах байҕалга түһэр уонна онно сайылаан, күүс-уох мунньунан баран, кыһын төннөн кэлэр.
Аны Оҕуспут муоһа тостор дуу, туллар дуу, түһэр дуу? Мин саныахпар, былыргы булчут өбүгэлэрбит Дьыл оҕуһун “син биир таба, тайах курдук муоһаан эрдэҕэ” диэн сылыктыыллара буолуо. Онон “түһэр” эбэтэр “туллар” диэн тыллары туттар тоҕоостоох курдук, — диир Гаврил Угаров-Эһээ Дьыл.