1959 сыллаахха Уус-Алдан оройуонун Баатаҕай 7 кылаастаах оскуолатын 6-с кылааһын туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитим. Бастыҥ үлэлээх дружина Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ этим. Дьэ ол иһин, Бүтүн Сойуустааҕы «Артек» пионердар лааҕырдарыгар сынньана барар путевканан наҕараадаламмытым.
Түөрт оҕону соҕотоҕун үөрэхтээн киһи гыммыт, үйэтин тухары колхоз хотонуттан тахсыбатах, Баатаҕайтан бастакы «стахановка» буолбут, үөрэҕэ суох ийэбинээн олорорбут. Дьиэбиттэн ханна да быкпатах оҕо туох киһилии таҥастаах-саптаах буолуохпунуй? Миигин барытын оччотооҕу оскуолам директора Иван Степанович Колодезников уонна кини кэргэнэ, нуучча тылын учуутала Октябрина Ивановна дьаһайан, баспыттан атахпар диэри саҥа таҥастаан, тэрийэн атаарбыттара. Оҕо-уруу бөҕө мустубут этэ. Арай ийэм эрэйдээх суоҕа, Чараҥай диэн учаастакка ыһыах кымыһыгар анаан колхоз биэтин ыы сылдьара.
Уус-Алдантан бэс ыйынааҕы сезоҥҥа Сыырдаахтан Герман Алексеев диэн спортсмен уоллуун иккиэ буолбуппут. «Артекка» барар 25 оҕоҕо өрөспүүбүлүкэттэн 2 арыаллааччы баһаатай баара. Чурапчыттан Окоемов (толору аатын умнубуппун) уонна Дүпсүн орто оскуолатыттан бастыҥ баһаатай Мария Константиновна Фомина талыллыбыттар этэ. Кэлин суоттааһыммынан, самолеттанан, тимир суолланан, Москваҕа биир хонон, Симферополь диэн бүтэһик сирбитигэр диэри 5 суукка айаннаабыппыт. Ол устата миигин группа старостатынан талан, баһаатайдарбар көмөлөспүтүм. Айаммыт устата элбэх оҕону кытта бодоруспутум. Адьас хойукку диэри Бүлүү кыыһа, кэлин өрөспүүбүлүкэ лидер-педагога буолбут Наталья Николаевна Кардашевская-Будищеваны кытта чугас сыһыаннаах этибит. Билигин Герман Алексеев улахан ыал дьоһун аҕата, үйэтин тухары Сыырдаах физруга, норуот маастара, хомус ууһа буолан, ааһар айанньыттар техникалара моһуогурдаҕына көмөлөһүннэрэн, маанылатан, үөрэ-көтө сэһэргэһэн ааспыттаахпын. Германныын биир этэрээккэ сылдьыбыппыт. Сахалартан чорбойор спорстмен уол «Лучший артековец» знагынан наҕараадаланан кэлбитэ элбэҕи кэпсиир.
Ялтаҕа экскурсия, 8/II – 1959 с. Күн энергиятынан хаамар сибэкки-чаһы таһыгар.
Мин күннээҕи дежурнай — этэрээт Сэбиэтин чилиэнэ буолан, стройга флажконосец
кэнниттэн 2-с киһинэн турабын (1 эрээккэ хаҥастан уҥа). Сахалар: 1 эрээккэ 6-с
Намтан Роза Корякина, 2 эрээккэ уҥаттан бэһис Уус-Алдан Сыырдааҕытттан
Герман Алексеев.
Саамай чугастык бодоруспутум Вика Дьячковская диэн Уус-Майаттан төрүттээх хара бараан бааһынай кыыһа этэ. Биир түгэни хайаан да аҕыннахпына табыллар. Иркутскайтан тимир суолунан салгыы айанныахтаахпын. Рейс табыллыбакка, өрүүр буоллубут. Мин былырыыҥҥытыгар, 1958 сыллаахха, 5-һи бүтэрэрбэр английскай булавкаҕа харан, Иркутскайга баран операциялаппытым. Онно Минздрав ыытан, «клиника уха, горла, носа» диэҥҥэ «Удаление инородного тела» диэн операцияны 2 ый устата сытан ситиһиилээхтик оҥотторбутум. Бырааһым, кырдьаҕас еврей киһитэ, бэйэтин аймахтарыгар таһааран, 5 күн сынньанан баран, Якутскайга аргыс киһиэхэ туттаран атаарбыта. Кинилэргэ мин саастыы сиэннээхтэрин кытта истиҥ дьүөгэлии буолбутум. Ол ыалым чугас, рынок таһыгар олороллор этэ. Онон билэрим. Баһаатайдарбыттан көҥүллэтэн ыалдьыттыы Викабын илдьэ бардым. Туох да моһуога суох булан, дьоммун соһутан, үөрдэн, төттөрү «москвич» массыынанан, сирень сибэкки бөҕө көтөхтөрөн, станциябар вокзалга аҕалан биэрдилэр.
Санаан көрүҥ, үтүө да бириэмэ, истиҥ да дьон сыһыана, киһи киһиттэн куттаммат кэмэ. Оччолорго 13 саастаах, саҥа улаатан эрэр, икки тыа кыргыттарын билбэт куораттарыгар ыыталлар, хорсун да баһаатайдар!
Айаммар Покровскайтан Надя Борисова, Чурапчы диэкиттэн Даша Баямкина, Витя Малышев диэн оҕолору чуолкайдык өйдүүбүн.
Артекка «Горный» диэн Аю-Даг тэллэҕэр баар лааҕырга сынньаммытым. Ленинградтан ансамбль песни и танца, Жданов аатынан дыбарыастан оҕолору кытта биир хоско олорбутум. Кэлин сорохторун кытта сибээспин быспакка күүлэйдии бара сылдьыбытым.
Аю-Дага хайаҕа поход, Ялтаҕа, Одессаҕа, Алупкаҕа, Алуштаҕа күүлэйдээһин, муора катерынан айан, араас биллиилээх дьону, киинэ артыыстарын, Румыния пионердарын, Эфиопия императорын көрсүһүү уо.д.а. — өйбүттэн хаалбат түгэннэр. Кинилэргэ хаста да этэрээт Сэбиэтин чилиэнэ буолан сибэкки дьөрбөтүн туттарар чиэскэ тиксибитим.
Дойдубутугар биһигини «Бэлэм буоллар» атааран-көрсөн, Канаев хаартыскаҕа түһэрэн, мин балай эмэ улахан ыстатыйабын таһаара сылдьыбыттара.
Ол сырыы өйдөбүнньүктэрин — элбэх хаартысканы, гербарийы, таас, үөн-көйүүр коллекцияларбын, значоктарбын оскуолаҕа музейга анаан бэлэхтээбитим, 63 сыл тухары хантан хараллыай.
Олоҕум эдэр сааһа Пионерияны, Комсомолу кытта быһаччы сибээстээх. Оскуолаҕа үлэлиир кэмнэрбэр, эбии ноҕорууска быһыытынан, өрүү старшай пионербаһаатай буоларым. Среднеленскэйгэ уонна Уус-Алдаҥҥа быстах да соҕустук буоллар, Комсомол райкомун оскуола отделын салайбытым. Баһаатай быһыытынан соччо сирдэрбэтэҕим быһыылаах. Оскуолалар үбүлүөйдэрин кинигэлэригэр үтүө тылларынан ахтыллыбыппын махтана саныыбын.
Мин саамай дьоллоох оҕо сааһым Сэбиэскэй кэмҥэ ааспыта. Олортон биир улахан өйдөбүлүм уонна махталым — «Артек»:
«Есть местечко в Крыму
Отовсюду к нему
Пионеры стремятся гурьбой,
Слева горы и лес,
Сверху купол небес,
А внизу неугомонный прибой…»
Бэйэм өйдүүрбүнэн, оччолорго Аю-Даг тэллэҕинээҕи лааҕыр – Горнай диэн өйдүүбүн.
1959 с. артековец, Уус-Алдан Баатаҕайыттан Екатерина Николаевна РУМЯНЦЕВА,
бэтэрээн-учуутал, Баатаҕай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.