70 сыл устата бииргэ бодоруһан кэлбит эрэллээх дьүөгэбэр Андреева Евдокия Прокопьевнаҕа аныыбын.
Орто дойдуга олорорум тухары саамай ис сүрэхпиттэн тардыһан туран уһуннук бодоруспут дьүөгэм Андреева Евдокия Прокопьевна туһунан кэпсиэхпин баҕаран кэллим. Кини биһикки бастаан билсиэхпититтэн ыла куруук бииргэ, дьылҕабыт араартаан ыраах-ыраах да бардарбыт, санаабытынан, сүрэхпитинэн тэйсибэккэ суруйсан, телефонунан билсэн ирэ-хоро, күлэ-үөрэ кэпсэтэн ахтылҕаммытын уҕарытан син биир бииргэлэһэн, астына алтыһан бачча сааспытыгар тиийдэхпит.
Кини бастаан көрсөрбүтүгэр Тойокуга Дьэргэҕэ олороро, мин Быракаантан дьоммун кытта көһөн кэлэммит абаҕам Тэрэппииннээх дьиэлэрин иннигэр турар дьоҕус дьиэҕэ олохсуйбуппут. Абаҕам аах тиэргэннэригэр тиийэммин Дуунньа дьиэтин таһыгар уулуссаҕа сылдьарын көрбүтүм. Миигин көрөн уулуссаны туораан миэхэ кэлбитэ. Төһө да алта саастаннарбыт, аны санаатахпына, сүрдээх боччумнаахтык ааппытын-суолбутун этинэн улахан дьоннуу дьоһуннаахтык кэпсэппиппитин өйдүүбүн.
Онтон ыла күн аайы кэриэтэ көрсөн, оҕо курдук сүүрэн-көтөн оонньообокко, биһиги Нээлбиктэҕэ көһүөхпүтүгэр диэри кэпсэтэр этибит. Ол күһүнүгэр сэттэбитин туоламмыт иккиэн оскуолаҕа киирбиппит уонна арахсыбакка доҕордоһон Тойоку аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрбиппит. Үөрэнэр сылларбытыгар сотору-сотору хардарыта хонсорбут. Улаатан истэхпит аайы Дуунньам саҥа бырааттанан иһэр. Ол аайы дьиэтээҕи толорор эбээһинэһэ элбиир. Ийэтэ Мария Гаврильевна балыыһаҕа сиэстэрэлиир буолан сотору-сотору дьуһуурустубатыгар балыыһаҕа хонор. Бэрт тиэтэлинэн кэлэн ынахтарын ыан, оҕотун эмнэрэн барар. Онон оҕо көрүүтэ, дьиэ дьаһала барыта ыал улахан оҕотун быһыытынан Дуунньа дьарамай санныгар сүктэриллэр. Мин хоно кэллэхпинэ онон-манан көмөлөспүтэ буолабын. Аҥаар илиитигэр оҕо көтөҕүүлээх сылдьан нөҥүө илиитинэн хайаан да тугу эрэ гына, дьаһайа сылдьар буолар. Уруок талынар, аахтар бириэмэтэ суох буолан икки сомуоктаах улахан тирии бартыбыалыгар туох баар учебниктарын, тэтэрээттэрин илдьэ сылдьааччы. Онтуката мин курдук киһи кыайан ыраах илдьибэт ыйааһына этэ. Үөрэҕэр лаппа үчүгэй буолан элбэхтик хайҕанара.
Аҕата Прокопий Спиридонович хара Сарсыардаттан киэһээҥҥэ дылы үлэҕэ сылдьар буолан күнүс дьиэҕэ көстүбэт. Киэһэ кэллэҕинэ мичээрдээбитинэн киирэн оҕолорун кытта наһаа үчүгэйдик кэпсэтэн дьиэлэрин иһэ сырдыы түһээччи. Учуутал буолан билэрэ-көрөрө олус элбэҕэ, кэпсиирэ да умсулҕаннааҕа. Оттон ийэтэ Мария Гаврильевна өрүүр күнүгэр куруук иистэнэ олорорун харахпар көрөбүн. Сүрдээх тупсаҕайдык тигэн оҕолорун, кэргэнин таҥыннартыырын таһынан дьоҥҥо эмиэ иистэнээччи. Ол олорон олус үчүгэйдик ыллыыр этэ. Дуунньа биһикки кини ырыатын сүрдээҕин сөбүлээн истээччибит. Кинини удьуордаатаҕа буолуо, үһүс оҕото Болуодьа ( Владимир Сидоров) республикаҕа киэҥник биллэр бас куоластаах самородок ырыаһыт.
Дьэ биир саас Дуунньам аны балтыланна, Настя төрөөтө. Аан бастаан кыыстарын көрөөт да убайдара олус соһуйдулар: «Кыыс эрээри баттаҕа суох дии!», — диэн өрө көрө түстүлэр. Сөп буоллаҕа дии, эдьиийдэрэ Дуунньа уп-уһун, хойуу, хара суһуохтаах, оттон бу саҥа төрөөбүт кыыс тараҕай. Дуунньа балтыланан улаханнык үөрбүтүн, сүргэтэ көтөҕүллүбүт өйдүүбүн. Араастаан таҥыннара-таҥыннара, баттаҕын баантиктаан баран биһиэхэ Нээлбиктэҕэ тиийэ көтөҕөн кэлээччи, кэлин атахтаммытын кэннэ сиэтэ сылдьааччы. Настя бэйэтэ да киһи көрө таптыах куукула курдук кырасыабай кыыс этэ. Онтон утуу-субуу өссө үс кыыс эбиллибиттэрэ. Дуунньа ыал улахан оҕотун, эдьиий буолар эбээһинэһин чиэстээхтик толорон бырааттара, балтылара улаатан бэйэлэрин иннилэрин бэйэлэрэ быһаарынар буолуохтарыгар диэри баарынан-суоҕунан көмөлөспүтэ, үөрэхтэрин бүтэттэрбитэ. Билиҥҥэ диэри төрөппүттэрин оннугар кини бас-көс киһи буолан көрө-истэ, сүбэлии, дьаһайа, көмөлөһө олорор.
Дьэ биһиги аҕыс кылаас кэнниттэн суолбут икки аҥыы барбыта. Мин оройуон киинигэр И. Барахов аатынан орто оскуоланы бүтэрбитим, Дуунньа Бүлүү педучилищетын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Иккиэн дойдубутугар төннөн кэлэн мин кулуупка сэбиэдиссэйинэн үлэҕэ киирбитим, Дуунньа оскуолаҕа алын кылаас учууталынан анаммыта. Икки ахтыспыт дьон сиппит эдэр сааспытын дьэ бииргэ астына атаарбыппытын олус кэрэтик саныыбын. Дуунньаҕа, сабыс-саҥа үөрэҕин бүтэрбит кыыска оскуола үрдүнэн баппат аатырбыт, уруогу да ыыттарбат сүрдээх мэник оҕолордоох кылааһы туттаран кэбиспиттэрэ. Ону эдэр кыыс букатын аҕыйах хонук иһинэн сыһытан, билиигэ-көрүүгэ интэриэстэрин уһугуннаран, быһаччы эттэххэ, иннилэрин ылбыта. Оҕолоро учууталларын сүрдээҕин сөбүлээбиттэрэ, кэлин улаатан баран Евдокия Прокопьевнаны көрүстэхтэринэ үөрэ-көтө дорооболоһон, бэйэлэрин олохторун, ситиһиилэрин астына кэпсииллэрэ.
Дьэ, ити курдук, дьүөгэбиниин арааһы бары кэпсэтэн, сороҕор дэлби күлэн алтыһар кылгас кэммитин ааспытын билбэккэ хаалбыппыт. Миигин Быракааҥҥа саҥа детсад арылларыгар сэбиэдиссэйинэн ананан ыыппыттара, Дуунньам үөрэҕин үрдэтэ Магадан куоракка барбыта. Уһун сылларга эмиэ икки аҥыы барбыппыт. Үөрэнэ сылдьан суруйар этэ, кэргэммэр, оҕолорбор таҥас атыылаһан ыытааччы. Киһи сөҕүөх барыта оруобуна сөп түбэһээччи. Ол саҕана тыа маҕаһыыныгар суох таҥастары ыытан, мин дьонум дыраччы таҥнан мааны да мааны буола түһээччилэр. Ону күн бүгүнүгэр дылы дириҥ махталынан ахтабын. Миэхэ эрэ буолуо дуо, Өргүөттэр үксүлэрэ сакаас бөҕөтүн түһэрэн абыраммыт киһи үгүс.
Үөрэҕин бүтэрэн баран Сунтаарга ананан, онно тиийэн, тапталын көрсөн ыал буолан, Иратын төрөтөн, ситиһиилээхтик үлэлээн саамай дьоллоох сыллара Сунтаарга ааспыта. Хомойуох иһин, тапталлаах кэргэнэ Николай Михайлович ыараханнык ыалдьан орто дойдуттан олус эрдэ суох буолбута. Дуунньа кэргэнин кэриэстээн, оҕото үлэһит буолуор диэри ханна да барбакка, дьиэтигэр олорон үгүс үөрэхтээх, кэскиллээх үлэһит буолбут оҕолору үөрэтэн төрөппүттэр, коллектив убаастабылларынан, оҕолор махталларынан кынаттанан пенсияҕа тахсыар диэри сыратын ууран ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Ол олорон сыл баһыгар-атаҕар ыарыһахтыыр буолан куоракка көрдөрүнэ кэллэҕинэ миэхэ түһээччи. Аҕыйах хонукка Ира мин оҕолорбунаан оонньоон, Дуунньа миигинниин ирэ-хоро сэлэһэн күн тэҥэ көстөн ааһааччылар.
Үлэлээн бүтэн куоракка кэлэн олохсуйдар даҕаны бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрин, оскуолатын, ыаллаһан олорбут ыкса бодоруспут дьүөгэлэринээн сибээһин быспат, мэлдьи билсэ-көрсө, кэпсэтэ олорор. Учуутал күнэ кинилэр эҕэрдэлэрэ, кэһиилэрэ суох ааспат. Үөрэппит оҕолорун махталлара санаатын көтөҕөллөр.
Евдокия Прокопьевна күҥҥэ көрбүт соҕотох оҕото Ирата үрдүк үөрэхтээх экономист, П.А. Ойуунускай аатын сүгэр, Саха сирин тумус туттар авиапордугар тутаах үлэһит, ийэтигэр саамай чугас, истиҥ, эрэллээх өйөбүлэ-тирэҕэ, инникигэ эрэлэ.
Евдокия Прокопьевна уһун сыллаах сыралаах үлэтин Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна, Сунтаар улууһун үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Учууталлар Учууталлара диэн бэлиэлэр туоһулууллар. Маны таһынан Саха сиригэр Сидоровтар Учуутал династияларын баһылыга, педагогическай үлэ бэтэрээнэ. Сидоровтар Учуутал Династияларын аатыттан 2013 сылтан саҕалаан Үөһээ-Бүлүү улууһун Тойоку оскуолатын бастыҥ үөрэнээччилэригэр, общественниктарга сылы көтүппэккэ биэстии-алталыы оҕоҕо: алын кылаас оҕолоругар 5-тии, 9-һу бүтэрбиттэрэ 7-лии, 11-с кылааһы бүтэрбит выпускниктара 10-нуу тыыһынча солкуобайынан бириис туттараллар.
Кэнники сүүрбэ сылга куоракка кэлэн олохсуйуоҕуттан ыла балтыларын, бырааттарын түмэн, куоракка дьиэ-уот тэринэллэригэр, үлэ булан үлэлииллэригэр сүбэ-ама, күүс-көмө буолан тутаах киһилэрэ. Маҕан тыраассатыгар даача атыылаһан бары көмөлөөн, оҕуруот олордунан, кыстыыр астарын эбинэллэр, күргүөмүнэн бииргэ үлэлээн иллэрэ-эйэлэрэ бөҕөргүүр. Ирата, балтылара сотору-сотору Дуунньаны театрга сырытыннараллар, бэлиэ күннэригэр ресторааҥҥа күүлэйдэтэн күндүлүүллэр.
Дьэ итинник ньир-бараан олохтоох, эрэбил тирэхтээх 70 сыл устата ыкса бодоруһан кэлбит дириҥник ытыктыыр, тапталлаах дьүөгэм Евдокия Прокопьевна, мин Дуунньам, олох бары ыарахаттарын, ыарыыны кыайаҥҥын өссө да уһуннук үөрэ-көтө, барыбытын үөрдэ, түмэ, салайа, айа-тута олор диэн алгыспын тиэрдэбин! Алта сааспытыттан арахсыбакка аҕыс уоммутугар диэри аргыстаһыах, тоҕус уоммутугар диэри бииргэ тутуһуох, сүүс сааспытыгар диэри сүбэбитин холбуох дуу!
Мария Титовна Николаева, Саха Сирин санитарный сулууспатын туйгуна, Бочуоттаах үлэһитэ, Быракаан нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ.