Кадет убайым
Мин убайым Костя Слепцов Дьокуускай куорат Мархатааҕы кадетскай оскуолатын VIII кылааһыгар үөрэнэр.
Кини кыра эрдэҕиттэн саахыматынан, дуобатынан үлүһүйэн дьарыктанар. Улуус иһигэр хаста да бириистээх миэстэҕэ тиксибитэ. Биирдэ чемпионнаабыта. Дьокуускайга спортивнай лааҕыр күрэхтэһиитигэр миэстэлэспитэ.
Куоракка тиийдэхпинэ, убайым миэхэ гид курдук буолааччы, ону-маны кэпсии-кэпсии көрдөрөөччү. Кинини олус ахтабын.
Байыаннай убыйбын Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүнэн эҕэрдэлиибин!Үчүгэй үөрэҕи, чэгиэн доруобуйаны, дьоллоох оҕо сааһы баҕарабын!
Үөһээ хаартыскаҕа: кадет убайым Костя Слепцов.
Вера Горохова.
Аҕам курдук эппиэтинэстээх буолуом
Мин аҕам аата Виктор Анатольевич Бурцев диэн. Кини төрөөбүт Эҥэтин нэһилиэгэр баһылыгынан үлэлиир.
Аҕам оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммит, спордунан дьарыктаммыт. Оскуоланы бүтэрээт, Саха госуниверситетын историческай факультетыгар үөрэнэ киирбит. Онон историк идэлээх.
2005 сыллаахха Сунтаар улууһун Маар Күөл диэн сиригэр күтүөттүү тиийбит. Оскуолаҕа история уонна үлэ уруогун биэрбит. Ол үлэлиир кэмигэр эдэр учууталлар «СУНАМП» диэн түмсүүлэригэр үлэлээбит.
Оскуолаҕа оҕолору тустууга эрчийэрэ. Бэйэтэ эмиэ хапсаҕайынан дьарыктанар. Ити дьарыга таах хаалбатаҕа. 2008 сыллаахха хапсаҕайга маастар нуорматын толорбута.
2011 сылтан Эҥэ нэһилиэгин баһылыгынан талыллан үлэлии сылдьар. Нэһилиэк олоҕо тупсарыгар элбэх үлэни ыытар. 2011 с. «Надежда Якутии» диэн бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Аҕам спорду олус сөбүлүүр. Биһигини эмиэ дьарыктанарга сүбэлиир. Ол иһин мин тустуу куруһуогар сылдьабын. Аҕабыт үлэтэ наһаа эппиэтинэстээх. Сороҕор Дьокуускайга баран үлэлиир. Кини миигин эр киһи буоларга үөрэтэр. “Киһи соруктаах уонна эппиэтинэстээх буолуохтаах”, — диир.
Мин аҕам курдук сорукпун ситиһэр уонна эппиэтинэстээх киһи буолуом .
Баир Бурцев.
«Саһарҕа» пост эдкора.
Эҥэ, Дьааҥы.