Бу соторутааҕыта олус бэртээхэй сонуну иһиттибит. Ол курдук норуоттар икки ардыларынааҕы Арктическай оскуола 9 кылааһын үөрэнээччитэ, Ф.И.Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын иитиллээччитэ Сандаара Апросимова 64 харахтаах дуобакка дьахталларга Европа чөмпүйүөнэ буолла! Бу Саха сирин дуобатын историятыгар кыргыттарга аан маҥнайгы улахан ситиһии буолар.
Дуобакка классическай көрүҥҥэ чөмпүйэнээт Турцияҕа Каппадокия куоракка атырдьах ыйын 11-17 күннэригэр ыытылынна. Барыллаан турнирга Сандаара эрэллээхтик маҥнайгы миэстэни ылан түмүктүүр чааска киирбитэ. Финал чиэппэригэр Ольга Губареваны кыайбыта. Түмүктүүр түһүмэх полуфиналыгар аан дойду гроссмейстерын, аан дойду уонна Европа икки төгүллээх чөмпүйүөнүн Жанна Бупееваны (Арассыыйа) кыыспыт кыайбыта. Онтон киирсии түмүктүүр түһүмэҕэр Сандаара Украинаттан сылдьар аан дойду гроссмейстерын уонна чөмпүйүөнүн Елена Короткаяны кыайан бастакы миэстэни ылыан ылла!
Сандаараны кытары биһиги куйаар ситимин нөҥүө кэпсэттибит.
— Миигин өссө оҕо саадыгар сырыттахпына эһэм Николай Михайлович Апросимов уонна эдьиийим Павлина Николаевна Шадринова “дуобат диэн бу маннык буолар, маннык хаамыллар” диэн аан бастаан үөрэппиттэрэ. Кинилэри кытта оонньуу үөрэнэн устунан умсугуйан барбытым. Бастакы кылааска үөрэнэ киирэрбэр оҕо уһуйааным иитээччитэ Лариса Сергеевна төрөппүттэрбэр, «салгыы дуобакка дьарыктаннарыҥ” диэн сүбэлээбит этэ. Онон төрөппүттэрим миигин Оҕо дыбарыаһын иһинэн үлэлиир дуобат куруһуогар Аял Владимирович Саввиновка үөрэттэрэ биэрбиттэрэ.
Мин бастакы улахан күрэхтэһиим Чурапчыга буолбут “Эдэр талааннар” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх этэ. Онно мин бэйэм бөлөхпөр 3-с миэстэ буолбутум. Күһүн иккис кылааска үөрэнэ киирэрбэр тренер Павлов Иван Олеговичка көспүтүм уонна күн бүгүҥҥэ диэри кини салалтатынан дьарыктана сылдьабын.
Ол кэмтэн ыла саҕалаан Сандаара Апросимова Арассыыйа, Европа, аан дойду оҕолорго чөмпүйэнээттэригэр кыттан үгүс үрдүк ситиһиилэрдээх. 2016 сыллаахха 100 харахтаах дуобакка Арассыыйа үтүөлээх тренерэ Николай Николаевич Кычкин бирииһигэр ыытыллыбыт күрэххэ дьахталларга маҥнайгы миэстэни ылбыта. Ити сыл түмүгүнэн Арассыыйа, Европа, аан дойду күрэхтэһиилэригэр кыттан, оонньоммут 18 мэтээли (ол онтон 9-һа кыһыл көмүс) барытын ылан, рекорд олохтообутун туһунан Туоһу сурук туппута. 2018 сылга Польшаҕа Хорынец-Здруй куоракка буолбут аан дойдутааҕы ыччат чөмпүйэнээтигэр Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатынан кыттан маҥнайгы миэстэни ылбыттара уонна Сандаараҕа “Бастыҥ оонньооччу” ааты иҥэрбиттэрэ. 2020 сыллаахха Одинцово куоракка буолбут 100 харахтаах дуобакка дьахталларга Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр түргэн оонньууга 2-с миэстэни, блиц күрэххэ 3-с миэстэни, 64 харахтаах дуобакка түргэн оонньууга 3-с миэстэни ылбыта. Ити сыл Сандаара Апросимова Арассыыйа спордун маастара буолар.
— Дуобаты таһынан мин уруһуйдуурбун, дьиэм дьонун саҥаттан саҥа аһылыгы астаан күндүлүүрбүн сөбүлүүбүн. Өрөбүл уонна сынньалаҥ күннэргэ дьиэ кэргэнинэн бары тутуспутунан сир астыырбытын, балыктыырбытын, айылҕаҕа сылдьарбытын астынабыт. Уонна быыс буллахпына, дьүөгэлэрбинээн “к-pop” музыка истэрбин, үҥкүүлэрин үөрэтэрбин сөбүлүүбүн.
Бу Европа чөмпүйэнээтин иннигэр Саха сирин спордун дьарыгын киинэ хамаанданы бэлэмниир сүүмэр оҥорбута. Онно биллиилээх гроссмейстердарбыт Гаврил Гаврильевич Колесов уонна Николай Николаевич Гермогенов дьарыктаабыттара. Биһиги бары уон күн устата “Триумф” спорт киинигэр олорон бэлэмнэммиппит.
Мин бу улахан ситиһиим олох кыра эрдэхпиттэн дьарыктаммыт элбэх үлэм түмүгэ дии саныыбын. Бу ситиһиигэ кэлэрбэр миэхэ төрөппүттэрим, чугас аймах дьонум уонна бастакы учууталым Лидия Петровна Шамаева (“Айыы кыһата” оскуола) куруук өйөбүл-тирэх буолаллара эмиэ көмөлөстө. Онон кинилэргэ улаханнык махтанабын.Уонна саамай махтанар киһим — тренерим Иван Олегович Павлов буолар. Кини миигин бу сыллар устата, бэйэтин бириэмэтин харыһыйбакка, элбэхтик дьарыктаан маннык үрдүк ситиһиигэ аҕалла.
Билигин Сандаара Каппадокияҕа өссө даҕаны күрэхтэһэ сылдьар. Бу күннэргэ блиц көрүҥнэргэ ким чулуутун быһаарар күрэхтэр ыытылла тураллар.
Сахабыт сирин чаҕылхай кыыһыгар кэрэчээн Сандаарабытыгар өссө да үрдүктэн үрдүк чыпчааллары дабайарыгар баҕарабыт!
Кэпсэттэ Анна СЛЕПЦОВА.