В. П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 11 «а» кылааһын уолаттарын «Дьулуур» уус-уран ааҕыы бөлөҕө «Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу» республикатааҕы уоланнар ааҕыыларыгар «Наука- сайдыы төрдө» дьүһүйүүнэн ситиһиилээхтик кыттаннар, «Сосновый Бор» доруобуйаны бөҕөргөтөр сынньалаҥ киинигэр путевканан наҕараадаламмыттара. Салайааччылар: Бугаева С. Н., Дмитриева С. М.
Республика бастыҥ хомоҕой хоһоонньуттарын түбүрүөннээн түмпүт сэргэх смена алтынньы 18 — сэтинньи
8 күннэригэр ыытылынна. «Дьулуур» бөлөхтөн Саша Куличкин, Саша Корякин, Андрей Слепцов, Дима Оконешников кэнчээри ыччат сөбүлээн түмсэр республика бастыҥ киинигэр сылдьан элбэҕи билэн-көрөн, сайдан кэллилэр.
Ол туһунан уолаттар санааларын бу курдук үллэстэллэр:
— Смена олус көхтөөхтүк, умнуллубаттык буолан ааста. Республика бастыҥ хоһоонньуттарын кытта билистибит, доҕордостубут. Күн аайы бииртэн биир сэргэх көрсүһүүлэр, маастар-кылаастар ыытылыннылар.
Олохторугар тус суолларын тобулбут ситиһиилээх, эдэр уолаттар ыалдьыттаатылар. Ырыаһыт Арыйаан Свинобовы, «Суорат» бөлөх артыыстарын, спортивнай комментатор Дьулустаан Захаровы кытта истиҥ кэпсэтиилэр буоллулар. Идэни таларга туһулуур «Мин инженербын» туһалаах дьарыктар ыытылыннылар.
Бу кииҥҥэ сылдьан, үгүһү билэн-көрөн кэлбиппитигэр, хоһоон кэрэ эйгэтигэр угуйар учууталбытыгар Светлана Николаевна Бугаеваҕа, кылааспыт салайааччыта Саргылаана Михайловна Дмитриеваҕа махталбытын тиэрдэбит.
«Мэҥэбил» пресс-киин