Боруулаах нэһилиэгэр кэрэ көстүүлээх «Чиргэл» сынньалаҥ баазатыгар Дьааҥы оройуонун оскуолаларыттан сүүмэрдэммит 27 бөҕөс «Дьулуур» чэбдигирдэр спортивнай лааҕырга мустан дьарыктарын бу нэдиэлэҕэ саҕалаатылар.
Лааҕыр сүрүн сыала-соруга – дьо5урдаах, бастыҥ көрдөрүүлээх оҕолору күрэхтэһиилэргэ бэлэмнээһин, өй-санаа, эт-хаан өттүнэн дьарыктаах буолалларын ситиһии оҕо чөл доруобуйалаах буоларыгар, спордунан дьарыктанар баҕата уһуктарыгар болҕомто ууруу.
Оройуоммут сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тириэнньэрдэрэ – биир дойдулаахпыт Христофор Потапов, Россия араас таһымнаах тустуу түһүлгэтин кыайыылааҕа, спорт маастара, Дьокуускай куорат ОРУ тириэнньэрэ, Егор Друзьянов Өрөспүүбүлүкэбит ааттаах-суоллаах тустууга, спорт маастара, «Бөҕөс» кроссфит дьарыктанар кулууп тириэнньэрэ уонна Боруулаах орто оскуолатын физкультура5а учуутала, успуорт маастара, лаа5ыр сүрүн тэрийээччитэ, салайааччыта Попов Илья Николаевич былааннаахтык, систиэмэлээхтик дьарыктана сылдьаллар.
Лааҕыр иитиллээччилэрэ күүстээх үөрэтэр-эрчийэр түһүмэҕи ааһаллар. Оҕолор «Чиргэл» баазатыгар тупсаҕай оҥоһуулаах дьиэлэргэ олороллор, аһыыллар, хайалаах, көнө хонуулаах, сыһыылаах, чэбдик салгыннаах сиргэ дьарыктаналлар, сүүрэллэр-көтөллөр. Инникитин элбэҕи эрэннэрэр уолаттарбытыгар тулууру, кыайыыга дьулууру, кимиилээх тустуулары баҕарабыт. Ылбыт тэтимҥитин ыһыктымаҥ, үүнэ-сайда, саҥаттан саҥа ситиһиилэри дабайа туруҥ!
«Дьулуур» лааҕыртан Анастасия Ю