Бэс ыйын 2 күнүгэр Дьокуускай бары киинэ тыйаатырдарыгар «Дьулуур: мас-рестлинг» диэн саҥа киинэ сүрэхтэниэхтээх. Сахалар өрө тутар спорт биир көрүҥмүтүгэр— мас тардыһыытыгар анаммыт спортивнай драма РФ култуураҕа министиэристибэтин өйөбүлүн ылбыт бастакы киинэ буолар. Бу киинэҕэ эдэркээн, талааннаах кыысчаан — Нам улууһун 2-с Хомустаах орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Нарыйа Лаптева оонньоото. Биһиги кинини кытары сибээскэ тахсан кэпсэттибит.
Киинэ режиссера — Саха тыйаатырын артыыһа, ырыаһыт Валентин Макаров. Кинини «Кэрэл — көстүбэт кэрэ» диэн киинэнэн өйдүүргүт буолуо, онно кылаабынай оруолу толорбута.
Киинэ сүрүн сюжета аармыйа кэнниттэн эдэр киһи соһуччу мас тардыһыытыгар дьоҕурдааҕа арыллан мадьыны буола үүнэригэр-сайдарыгар олоҕурар. Сүрүн оруолу Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Гаврил Менкяров толорор.
Онтон Нарыйа Лаптева киинэҕэ сүрүн дьоруой — Дьулуур балтын Күннэйи оонньуур. Киинэҕэ уһуллуу бастакы уопутун туһунан эдэркээн артыыс маннык кэпсиир:
— Таатта Хара-Алданын оскуолатыгар үөрэнэр эрдэхпинэ, биһиэхэ саха тыйаатырын артыыстара гаструоллуу кэлбиттэрэ. Ол күн оскуола начаалынай кылааhын оҕолоро куораттан кэлбит улахан артыыстарга спектакль көрдөрбүппүт. Мин баһаатай оруолун оонньообутум. Спектакль кэннэ оҕолор артыыстары кытары билсибиппит, Валентин Макаров чуолаан миигин кастиҥҥа ыҥырбыта. Онтон сайын киинэҕэ уһуллан барбытым. Киинэҕэ эрдэ хаһан да уһуллубатаҕым, ол иһин долгуйар этим.
Киинэ туһунан
Үөһэ этэн аһарбыппыт курдук, Нарыйа киинэ сүрүн дьоруойун мас-тардыһар Дьулуур бииргэ төрөөбүт балтын Күннэйи оонньуур.
— Күннэй убайын кытта отой кыратыттан тулаайах хаалаллар. Эбээлэригэр иитиллэллэр, онтон эбэлэрэ өлбүтүн кэннэ кыыс детдомҥа барар. Күннэй убайын кытары олохторугар элбэх ыарахаттары көрсөллөр. Киинэ уопсай тутула Дьулуур тулуурун уонна сыалын ситиһэрин туһунан. Элбэх биллэр артыыстар оонньообуттара: Арассыыйаттан Владимир Епифанцев, саха биллэр артыыстара Гаврил Менкяров, Иннокентий Луковцев, Айталина Лавернова. Киинэ режиссёрбут дойдутугар Мэҥэ Хаҥалас Ороссолуода дэриэбинэтигэр уонна Дьокуускайга уһуллубута.
«Оҕолор элбэхтэ ааҕыҥ»
Нарыйа үөрэх таһынан уруһуйунан дьарыктанар. Ийэтэ Ольга Васильевна оскуолаҕа учуутал. Дьиэ кэргэнигэр саамай кыралара, икки эдьиийдэрэ туспа ыаллар.
— Киинэҕэ уһуллар наһаа интэриэһинэй дии санаатым. Ол да буоллар атын киһи оруолун, дьылҕатын толорор уонна ону көрөөччүгэ тиэрдэр туспа ыарахаттардаах. Мин киинэҕэ бастакы уопутум буолар. Кэлин бэһиэлэй соҕус, холобур, комедияҕа эҥин оонньуохпун баҕарабын. Арай кэлин өссө киинэҕэ уһула ыҥыраллара буоллар, үөрүүнэн сөбүлэһиэм этэ.
Онтон бэйэм баҕа санаам — араас омук дойдларын көрүөхпүн, кинилэр култуураларын үөрэтиэхпин баҕарабын.
Киинэҕэ уһуоллуон баҕарар оҕолорго талааннарын эрдэттэн чочуйалларын сүбэлиибин. Уонна бэйэм саастыылаахтарбар элбэхтэ ааҕыҥ, кругозоргутун хаҥатыҥ диэн этиэхпин баҕарабын. Элбэҕи билэр-көрөр оҕо олоҕор элбэҕи ситиһэр.
Онон бары бэс ыйын 2 күнүн — «Дьулуур: мас-рестлинг» саҥа киинэ сүрэхтэниитин долгуйа күүтэбит. Нарыйаҕа инникитин өссө да үрдүк ситиһиилэри, чаҕылхай күннэри баҕара хаалабыт!
Кэпсэттэ Анна СЛЕПЦОВА.