Бу сайын “Инстаграм” ситимигэр убайдыы бырааттыы уолаттар ырыалара күүскэ тарҕанна. Чахчы даҕаны олус сэргэхтик ыллыыллар, гитаранан бэйэлэрэ доҕуһуоллууллар. Аҥаардас Айысхан туттара-хаптара, ырыаны видео нөҥүө тиэрдэрэ – киһи хараҕын сымнатар, дууһатын долгутар.
Кинилэрдиин сэһэргэһэн баран, олус сэмэй, сахалыы тыыннаах оҕолор эбит дии санаатым. Бүгүҥҥү ыалдьыттарбыт – Дьулусхан Гоголев уонна Айысхан Яковлев.
— Дьулусхан, Айысхан, саха дьонун сиэринэн бэйэҕитиҥ билиһиннэриҥ.
— Биһиги Бүлүү улууһун Өкүндү нэһилиэгиттэн төрүттээхпит-уустаахпыт. Дьоллоох Дьокуускай куоракка олоробут. Мин, Дьулусхан, Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет юридическай факультетын устудьуонабын. Быраатым Айысхан “Айыы Кыһата” национальнай гимназия VII кылааһын үөрэнээччитэ.
— Олус үчүгэйдик ыллыыгыт, ып-ыраас куоластааххыт. Ким эһигини ырыаҕа уһуйбутай?
— Биһиги анаан-минээн ырыаҕа дьарыктамматахпыт. Көннөрү кыра сааспытыттан ырыаны сэргээн истэбит. Тэлэбиисэргэ, араадьыйаҕа сөбүлээн истибит ырыабытын ийэбитиниин оонньуу да, үлэлии да сылдьан, тэҥҥэ ыллаһар этибит. Улаатан истэхпит аайы ырыаҕа тапталбыт күүһүрэн иһэр.
— Аан бастаан ханнык ырыаҕа кавер устубуккутуй? Хайаҕыт бастакынан этии киллэрбитэй?
— Иккиэн сөбүлээн истэр “Snow voice” бөлөхпүт “Санаам эйиэхэ” диэн үчүгэйкээн ырыатын үөрэтэн видеоҕа устарга санаммыппыт. Дьон ити ырыаны толорорун бэйэбит эмиэ сэргии көрөрбүт. Онон, биһиги да холонон көрүөххэ диэн “Инстаграм” ситимигэр “Voice_sakha” пабликка кавербытын ыыппыппыт. Ырыабыт тахсыбытыгар дьон олус сэргээбитэ, сөбүлээбитэ. Билигин соло булан ыллаатыбыт да, “Инстаграмҥа” уга сатыыбыт.
— Ырыаҕытын төһө өр талаҕытый?
— Иккиэн музыкаҕа көрүүбүт биир буолан, түргэнник талабыт. Сүрэхтиин, дууһалыын ордук лирическэй, кэрэ матыыптаах ырыалары ылынабыт. Сөбүлээбит ырыаларбытын ис-испититтэн иэйэн-куойан ыллыыбыт.
— Ырыаҕытын дьон бөҕө көрөр, истэр. Санааларын суруйалларын төһө ааҕаҕытый?
— Ааҕан бөҕө буоллаҕа дии. Киһиэхэ кыра да наада диэбиттии, ордук хайҕаан суруйалларыттан үөрэбит, долгуйабыт. Хайдах эрэ ол кэнниттэн өссө иэйииҥ киирэн ыллыаххын-туойоххун баҕараҕын. Түгэнинэн туһанан, биһигини сэргээн көрөр-сэҥээрэр истээччилэрбитигэр үтүө тылларгыт иһин махтанабыт!
— Ырыаттан атын туох дьарыктааххытый?
Айысхан:
— Иллэҥ кэммэр ырыа ыллыырым таһынан кыра кылаастан “Одун” национальнай үҥкүү ансаамбылыгар дьарыктанабын.
Дьулусхан:
— Мин үөрэхпиттэн быыс буллум эрэ спордунан дьарыктанабын. Эппин-хааммын эрчийэбин.
— Билиҥҥи кэмҥэ «Инстаграм» киһи олоҕор сүрүн миэстэни ылар буолла. Эһиги санааҕытыгар туох үтүө уонна мөкү өрүттээҕий?
— Биир өттүнэн аныгы үйэҕэ киэҥ эйгэни хабар, элбэх ааҕааччылаах, сонун иһитиннэрэр ситим буолла. Киһи ханнык баҕарар муннукка олорон дойдуҥ, оскуолаҥ, универститетыҥ сонуннарын, доҕотторуҥ тугунан дьарыктана сылдьалларын көрөр олус үчүгэй. Оттон мөкү өрүтэ — дьон үөхсэн, хобу-сиби тарҕатан суруйуута, киһини билбэккэ олорон сыыһа-халты саҥарыыта буолар. Киһи тыла — ох. Тугу да гынара суоххуттан дьону үөҕэн ханна да ырааппаккын. Бу маннык суруйуулары аахтахпына олус диэн хомойобун. Хас биирдии киһи бэйэтин санаатын иһигэр илдьэ сылдьыахтаах, тугу саныырын сиидэлээн, ырытан көрөн баран, киэҥ эйгэҕэ таһаарыахтаах дии саныыбын.
— Олус үчүгэй толкуйдаах эбиккит, маладьыастар! Онтон дьэ, куорат олоҕун талыа этигит дуу, эбэтэр тыа олоҕун дуу?
Дьулусхан:
—Тыа уола буоларым быһыытынан тыа сирин ордоробун. Тыаҕа бултуу таҕыстахпына, саха буоларым быһыытынан, дууһалыын сынньанабын, астынабын.
Айысхан:
— Мин кырабыттан куоракка олорбут буолан, куораппын ордоробун.
— Сэһэргэһиигит иһин махтал, уолаттар! Айар үлэҕитигэр, үөрэххитигэр үрдүктэн-үрдүк ситиһиилэри!
P. S.: Дьулусханнаах Айысхан «Муорабын» диэн ырыаны толороллорун астына-дуоһуйа истиҥ.