Оскуолаҕа үөрэнэр кэмҥэ үгүс элбэх санаалар, айар-тутар соруктар, бырайыактар үөскүөхтэрин сөп, холобур сувенир оҥоһуктары оҥорууга билии уонна дьоҕур ылан кэлин бу кэмниэ-кэнэҕэс урбаан көрүҥэр кубулуйуон сөп, онон оскуолаҕа оҥорон таһаарыы курдук эбии дьарыктааһын оҕо инникитин идэтин таларыгар улахан көмө буолар, туһааннаан урбаан өттүгэр ордук сайдыахтара. Ол курдук, В.Г.Короленко аатынан Амматааҕы 1 №-дээх оскуола VIII “А” кылаас үөрэнээччитэ Дьулус Николаев сувенирдары быһан, кыһан, кэрэ ойуулаах оҥорон атыыга таһаарар.
– Үтүө күнүнэн, аан маҥнай үлэҥ туһунан сырдатыаҥ дуо?
– Амма орто оскуолатын баазатыгар бизнес тэринии, бэйэбит сувенирдары оҥорон таһаарыы.
– Ону тэрийэргэ сыалгыт-соруккут?
– Сувенирнай оҥоһуктары оҥорон таһаарыы ураты көрүҥү тэрийии, айар-тутар, бырайыактыыр дьоҕуру сайыннарыы, саҥа инновционнай технологиялары туһаныы, төлөбүрдээх өҥөлөрү нэһилиэнньэҕэ оҥоруу — сувернирнай оҥоһуктары оҥоруу, графическай дизайн өҥөтө, интэриэһиргээччини көҕүтүү буолар.
– Хайдах үлэлээн саҕалаабыккын кэпсээ?
– Бастаан, кырдьык, ыарахаттар бааллара. Наадалаах тэриллэри ыларбар үп наада буолбута. Онно оскуолам, төрөппүттэр көмөлөспүттэрэ. Ити эрээри мин тутуспут бириинсибим – «саҕалаа да ситэр» – билигин түмүгү көрдөрөн эрэриттэн үөрэбин. Амма улууһун реклама уонна сувенирнай оҥоһук ырыынагын үөрэппитим. Урбаан былаанын суруйан, матырыйааллары талбытым. Биһиги анал профессиональнай тэрилгэ оҥоһугу оҥороробут, лазернай ЧПУ станогу туһанабыт. Ханнык баҕарар сакааһы ылан оҥорор тэриллэринэн хааччыллынныбыт. Сувенир араас көрүҥэ, мэтээл, ыҥырыы, махтал суруктары, магниттары уонна да арааһы бэйэбит дизайнмытынан оҥорон таһаарабыт.
– Бородууксуйа хайдах оҥоһулларый?
– Биһиги оскуолабытыгар 35*40 см иэннээх оҥоһугу быһар лазернай ЧПУ станок баар — онно сувенирдары оҥоробут. Бу саҥа көрүҥ билиҥҥи ырыынакка саҥа үөскээбит курдук эрээри биир туспа улахан хайысха буолла.
Фанераны, органическай өстүөкүлэни, акрил уонна пластик курдук материаллары лазернай эрбии туох да сыыһата суох быһар. Лазер быспытын кэннэ материалы хос аала-чочуйа сатаабаккын. Кып-кыра лазернай сардаҥа миллиметрга тиийэ оһуору-бичиги быһыан сөп, оннук уран оҥоһугу боростой фрезернай станок сатаабат. Лазер сүрүнэ диэн материалы сөптөөхтүк оросхуоттуурга, суоттанарга олус үчүгэй, көөбүл эҥин тахсыбата абыраллаах.
Биһиги бизнеспит нэһилиэнньэҕэ өҥөнү оҥоруу. Онон хайаан да хаачыстыба, үтүө сыһыан уонна эппиэтинэс баар буоларын тутуһабыт. Оскуола бизнеһэ – бу үп-харчы эрэ өттүнэн буолбакка, бэйэ икки ардыгар духуобунай сыһыан дии саныыбын. Манна оҕолор сыһыаннарын өссө туруктаах оҥорор дии саныыбын.
– Салгыы туох былааннааххыт?
– Биһиги улууспутугар 16 тыһыынча киһи олорор, оттон оройуоммут киинигэр уопсайа холбоон 7000 киһи баар. Онно маҕаһыыннарга бэйэ оҥорон таһаарбыт сувенирдара атыыга аҕыйах. Дьон оннугу бэлэх, сюрприз гына бэлэхтиэн баҕарар. «Туризм сайдарыгар тугунан кыттыаҥ этэй?» ыйытыыга сувенир оҥоробун. Сайыҥҥы кэмҥэ биһиги улууспут туристическай хайысхалаах, ол кэмҥэ сувенирдары атылаһыы үрдүүр. Онно анаан чааскыга ойууну түһэрэр термопресс – 10 000 солк, таҥаска түһэрэр термопресс – 30 000 солк, быһар плоттер – 65 000 солк. уонна струйнай принтер – 20 000 солк ылыахпыт.
Кэпсэттэ Павел Ильин.