Оһуордаах олунньу ыйа Ньурба оройуонун олохтоохторугар, култууратын үлэһиттэригэр республиканскай култуура экспедициятынан саҕаланна. Экспедицияны Ил Дархан сүбэһитэ, геокултуурунай сайдыы институтун дириэктэрэ, биллэр бөлүһүөк, саха норуотун киэн туттар киһитэ Андрей Саввич Борисов салайан ыытан, сүрүн сыалынан “Биир ситимнээх Олоҥхо дьиэлэрин олохтооһун” чэрчитинэн “Төрүт үгэс мин үүнэр үктэлим” диэн кэскиллээх хайысханан барда. Тэрээһин тула араас кэпсэтиилэр, алгыс сиэрэ-туома, маастар-кылаастар икки күнү быһа бардылар.
Олунньу 4 күнүгэр буолбут Ньурба оройуонун култууратын 100 сыллаах үбүлүөйүн түмүктүүр улахан тэрээһинэ Ньурба куорат киэн туттуута буолбут театр таас уораҕайыгар ыытылынна. Бу күн 3 чаастан Октябрьскай нэһилиэк А.Я. Овчинникова аатынан “Түһүлгэ” Надьиэтэ А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй “Ойуун түүлэ” сүдү айымньытынан 75 киһини түмэ тардан туруорбутун, көрөөччүлэр сөҕө-махтайа көрдүлэр.
Алта чаастан буолбут үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Хаҥалас нэһилиэгин С.П. Гаврильев аатынан Надьиэтин коллективыгар (дир. Екатерина Семеновна Степанова) 2022 сыл түмүгүнэн “Лучший творческий коллектив декоративно-прикладного жанра Нюрбинского района” анал аат уонна 25 тыһыынча суумалаах сертификатынан наҕараадаланнылар. Биир дойдулаахпыт Ариан Афанасьев-Арыйаан Уус Сата тааһыттан чочуйан оҥорбут аҕыс кырыылаах араҥаччылыыр, харыстыыр суолталаах, эһэ тыҥырахтаах харысхал оҥорбутун култуура департаменын салайааччыта Р.М. Тихонова ытык ыалдьыппытыгар Андрей Борисовка туттарда. Нэһилиэкпит “Дьүрүскэн” бөлөҕө (сал. Винокурова В.Ю., Герасимова К.А.) групповой чабырҕаҕы толорон көрөөччү биһирэбилин ыллылар.
Нэһилиэкпит аатын ааттата сылдьар, айымнылаахтык үлэлиир, күннэтэ алтыһар биир идэлээх эдэр кэллиэгэлэрбэр истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэн туран, инникитин да саҥа саҕахтары, чэбдик туругу баҕара хаалабын.
Мария Николаева, библиотекарь. Ньурба, Хаҥалас.