Өймөкөөнтөн атынан Москва куоракка айаннаан иһэр Дугуйдан Винокуров туһунан бары да истибиккит буолуо. Онтон бу өрөбүлгэ кини дойдутугар, Өймөкөөҥҥө, Томтор нэһилиэгин ыһыаҕар ат сүүрдүүтүгэр Дугуйдан бииргэ төрөөбүт балтыта Самаана Винокурова ат сүүрдүүтүгэр кыайда!
Самаана бэйэтэ 8 кылааһы бүтэрбит уонна аан бастакытын ат сүүрдүүтүгэр кыттыбыт. Кыысчаан акка отой кыратыттан, 5 сааһыттан, олорор эбит, онон акка сыстыҕас, үөрүйэх. Манна эттэххэ, Винокуровтар бары акка мэҥиэстибит 8 оҕолоох саха уонна эбээн төрүт үгэһин илдьэ сылдьар нэһилиэк биир бастыҥ-мааны ыала.
— Мин ат сүүрдүүтүгэр отой дьарыгым суох, бу аан бастакытын кытынным уонна кыайдым. Аҕам Семен Львович уонна убайым Адам Егоров ыйан-кэрдэн биэрдилэр. Ити сүүрдүбүт атым мин атым буолбатах, ийэм этэ, Эрэл диэн ааттаах. Хас да ыһыахха бастаабыт чөмпүйүөн ат. Онтон мин бэйэм эмиэ анал аттаахпын, аата Красавчик диэн, — диэн Самаана миигинниин кэпсэтиитин саҕалаата. — Маҥнай кылгас дистанцияҕа сүүрэрбэр атын атынан сүүрдүбүтүм, ол атым талахтарга халыйан хаалбыта, салайарбын сүгүн истибэт этэ. Онтон абсолютнай үс уһун дистанцияҕа 3200 м аҕам ийэм атын биэрбитэ. Кини «бу атынан бастыаҥ», — диэн эрэл кыымын сахпыта уонна элбэх билэр дьонум кыайыыга эрэлбин күүһүрдүбүттэрэ, — кыыс салгыы кэпсиир.
Самаана Винокурова П.В. Заболоцкай аатынан Үчүгэй орто оскуолатыгар туйгуннук үөрэнэр. Быйыл 9 кылаас буолла. Бииргэ төрөөбүттэр ахсыалар, 6 кыыс уонна 2 уол. Самаана алтыс оҕо. Биэс оҕо бары туспа ыаллар, онтон үс кыралар оскуола оҕолоро: Самаана, Туйгун уонна Аяврина (эбээннии Таптал). Аҕата Семен Львович — сылгыһыт, ийэтэ Ирина Христофоровна — эбээн фольклорун учуутала.
Дьиэ кэргэнинэн бары аты миинньэллэр. Улахан эдьиийэ, убайын Дугуйданы билэҕит, кини билигин Өймөкөөнтөн атынан Челябинскайга тиийдэ, бары ат сүүрдэллэр. Самаана маны таһынан ыллыыр, үҥкүүлүүр, ийэтэ салайар «Умчичан» диэн оҕо ансаамбылыгар дьарыктанар. Элбэхтэ күрэхтэргэ, куонкурустарга Дьокуускайынан, Санкт-Петербург куоратынан, Болгарияҕа тиийэ сылдьыбыта. Оскуолаҕа сөбүлүүр уруога химия уонна алгебра. Онон оскуолатын бүтэрдэҕинэ быраас идэтигэр туттарсар баҕалаах. Маны таһынан барыга бары талааннаах кыыс спордунан эмиэ үлүһүйэр, ол курдук тутум эргиир, ойбонтон уулааһын курдук национальнай оонньууларынан дьарыктаммыта, онтон билигин волейболга сылдьар.
«Акка олорорбун куттаммаппын, кыра эрдэхпиттэн олорпуттара. Аан бастаан кэрэ аҥаардар күрэхтэригэр кыттаары, ийэм миигин Эрэл үрдүгэр национальнай таҥастаах олордубута. Онно кыратык куттаммытым», — диэн Самаана аан бастакытын аты миинньибитин кэпсиир.
— Самаана, оттон аты сүүрдүөн эбэтэр ат үрдүгэр олоруон баҕарар оҕолорго тугу сүбэлиэ этигиний?, — диэн чэпчэкитэ суох ыйытыыбар кыысчаан бэрт түргэнник хоруйдуур:
«Аан бастаан акка олорорго иҥэһэни атаҕын төбөтүгэр кэтиэххэ уонна тэһииҥҥин үчүгэйдик тутуохха наада, атыҥ үргүөн да, мөҕүөн да сөп, онон тэһииҥҥин айаҕар баарын биллэриэххэ наада, дьэ, оччоҕо аккын салайаҕын».
Үчүгэй кыыһа Самаана Винокуроваҕа инникитин да бу курдук туохтан да чаҕыйбат күүстээх санааны, олоҕор үрдүк дабайыылары, бары үтүөнү уонна үчүгэйи эрэ баҕарабыт!
Дьээбэҕэ: «Убайыҥ Дугуйдаан курдук Москваҕа атынан айанныаҥ этэ дуо?», — диэн ыйыппыппар, кыыһым: «Билбэтим ээ», — диир.
Кэпсэттэ Анна СЛЕПЦОВА.