Ахсынньы ый 3 күнэ — Биллибэт саллаат күнэ. Онтон ахсынньы ый 9 күнэ РФ президенын ыйааҕынан 2007 сылтан Геройдар күннэринэн биллэриллэн Россия үрдүнэн бэлиэтэнэр.
Герой диэн кими ааттыыбытый? Бу байыаннай да, эйэлээх да кэмҥэ, дьон туһугар, ийэ дойдутун иннигэр бэйэтин сиэртибэлээн туран, олоҕун толук уурар хорсун киһини ааттыыбыт. Онон герой уонна хорсун быһыы диэн биир өйдөбүллээхтэр.
Онтон кыратык историяҕа киирэн ыллахха, 1769 сыллаахха ахсынньы ый 9 күнүгэр Екатерина II ыраахтааҕы Орден Святого Георгия Победоносца диэн үрүҥ көмүс кириэстээх, түөрт истиэпэннээх уордьан олохтообут. Бу уордьаҥҥа уһулуччу хорсун быһыыны көрдөрбүт офицердар тиксэллэрэ. Кэлин революция кэнниттэн бу уордьан тохтотуллан баран, Сэбиэскэй Сойуус Геройа диэн ураты суолталаах уордьан олохтоммута. Үгүс элбэх геройдартан Сэбиэскэй Сойуус Геройун үрдүк аатын ылбыт маршал Семен Буденнайы, Александр Покрышкины, Иван Кожедубу, 4 төгүллээх Сэбиэскэй Сойуус Геройа Георгий Жуковы норуот хайа да кэмҥэ умнубат. Ону сэргэ модун Россия аатын ааттаппыт историческай геройдарбытын — Александр Невский, Дмитрий Донской, Минин уонна Пожарскай, Александр Суворов, Михаил Кутузов ааттара үйэлэргэ өлбөөдүйбэт.
Дойдубутугар Аҕа дойду сэриитигэр 1943 сыллаахха Албан Аат уордьана (Орден Славы) баар буолбута. Бу уордьан толору кавалерынан сэриигэ уһулуччу хорсун быһыыны оҥорбут 2656 буойун ылбыта.
Билигин биһиги кэммитигэр Россия Геройа диэн үрдүк аат иҥэриллэр буолла. Россия Геройун, Кыһыл сулуһу элбэх Чечня сэриитигэр сылдьыбыт буойуннар ылбыттара. Россия Геройа албан аат сэриигэ хорсунун көрдөрбүт дьонтон ураты, бэйэлэрин үлэлэринэн эйэлээх олоххо уһулуччу хорсун быһыыны оҥорбут, космическай, авиационнай техниканы баһылаан государство иннигэр үтүөнү оҥорбут дьоҥҥо эмиэ туттарыллар.
Биһиги, Ньурбалар, икки Сэбиэскэй Сойуус Геройа буолбут Чусовскай Николай Николаевич, Кудряшов Николай Петрович, Социалистическай Үлэ Геройа САССР үтүөлээх тутааччыта Алексеев Михаил Федорович уонна Россия Геройа летчик-космонавт Кондратьев Дмитрий Юрьевич ааттарынан киэн туттабыт, холобур оҥостобут.
Дьоруойдарга анаммыт нэдиэлэҕэ Хаҥалас орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ байыаннай патриотическай хабааннаах музейнай, библиотечнай уроктарга сырыттылар, кинигэ быыстапкаларын билсистилэр, биктэриинэлэргэ кытыннылар. Тэрээһиннэргэ кыттыбыт ыйытыыларга сөптөөх хоруйу биэрэллэринэн, бу олоххо толкуйдарынан, дойдуларын остуоруйатыгар билэр көрөр баҕалаах Саша Ждановы, Эльдар Мордовскойу уһулуччу бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Түмүкпэр, Улуу маршал К. Рокосовскай этэн кэбиспит: «Өлбүттэр тустарынан үтүө өйдөбүлү иҥэриммэт буоллахпытына, тыыннаах дьону таптыырга үөрэнэр кыахпыт суох», — диэн кынаттаах тылларынан түмүктээн туран, оҕолорго, ыччат дьоҥҥо дойдугутун таптааҥ, киэн туттуҥ, геройдар ааттарын билэргэ кыһаныҥ. Киинэтэ көрүҥ, кинигэтэ ааҕыҥ, хорсун быһыылары күннээҕи да олоххо оҥорорго кыһаныҥ диэн түмүктүөхпүн баҕарабын.
М. Николаева, Ньурба, Хаҥалас, библиотекарь.