Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүн көрсө «Хорсун быһыы иһин» РФ Судаарыстыбаннай мунньаҕын өйдөбүнньүк мэтээлинэн наҕараадаламмыт эдэр көмүскээччилэр тустарын кэпсиибит.
Эбээн Бытантай улууһун И.Н. Слепцов аатынан Кустуур орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Василий Другин бу сайын муммут оҕону көрдүүргэ көмөлөспүтэ. Ол туһунан Вася маннык кэпсиир:
— От үлэтин саҕана этэ. Табаарыспар Алешаҕа оттоһо сылдьыбытым. Киэһэлик, арыый да сөрүүн түһүүтэ, оттуур сирбитигэр барбыппыт. Сарсыарда оттоон баран, үс саастаах оҕо сүппүтүн туһунан истибиппит. Тута көрдүүргэ көмөлөһөргө санаммыппыт. Оттуур сирбит эҥэр оҕону көрдүүргэ туруммуппут. Арай ол сылдьан оҕо ынчыктыыр саҥатын истибиппит. Саҥа диэки туһаайан хаампыппыт. Отор диэн оттуур сиргэ ходуһаҕа оҕо төбөтө эрэ быган сытарын көрбүппүт. Оҕону көрөн баран ыксаабыппыт, киһи уолуйан хаалар эбит, ууттан таһааран баран, Алеша кууркатыгар суулаан баран сүүрбүппүт, вертолет үрдүбүтүнэн көтөр этэ, далбаатыы сатаабыппыт, көрбөттөр этэ. Онтон этэҥҥэ оҕону тиэрдибиппит.
— Барыта ыксал этэ, ол ыксыы сылдьаҥҥын туох эрэ хорсун быһыыны оҥордум дии санаабаккын. Ол туһунан эрэ толкуйдаабаккын. Оҕону эрэ быыһаабыт киһи диэн санаалаах этим. Эр санаа диэн күүстээх, ыарахантан чаҕыйбат, толлубат буолуу дии саныыбын.
— Бэйэм саастыы оҕолорго туйгун үөрэҕи, чэгиэн доруобуйаны, ылсыбыт дьыалаҕытыгар ситиһиини баҕарабын.
2023 с. ахсынньытыгар Саха өрөспүүбүлүкэтигэр хорсун быһыыны оҥорбут 11 үөрэнээччигэ РФ сенатордара Егор Борисов, Сахамин Афанасьев, Саха сиринээҕи МЧС салайааччыта Павел Гарин наҕараадалары туттарбыттара. Бу үөрүүлээх быһыы-майгы онус төгүлүн ыытыллар «Дьоруой оҕолор» диэн 2014 сыллаахтан үлэлиир патриотическай бырайыак чэрчитинэн уонна Арассыыйаҕа Быыһыыр сулууспа күнүгэр аналлаах ааспыта.
keskil14.ru