Дьоруой диэн кимий? Бу наадалаах кэмҥэ олус түргэнник, бэйэтин олоҕун да харыстаабакка туран ким эбэтэр туох эрэ туһугар уһулуччу хорсун быһыыны оҥорбут киһи. Биллэн турар маннык дьоннор ханнык баҕарар кэмҥэ хаһан баҕарар олороллор. Билиҥҥи кэмҥэ ордук ууга түһэн, баһаарга түбэспиттэргэ оҕолор уһулуччу дьоруойдуу быһыылары оҥороллорун биһиги бары билэбит.
Онтон 1941 — 1945 сылларга салҕаммыт алдьархайдаах сэрии кэмигэр эһиги курдук саастаах оҕолор ураты дьоруойдуу быһыыны оҥорон «Сэбиэскэй сойуус дьоруойдара» диэн үрдүк наҕарааданан үгүстэрэ өлбүттэрин кэннэ бэлиэтэммиттэрэ. Кинилэр үгүстэрэ эһиги курдук уончаларын эрэ ааспыт оҕолор этэ.
Саха сирин элбэх оҕото төһө да уордьанынан, мэтээлинэн наҕараадаламматаллар төһөлөөх хорсун-хоодуот олоҕу олорбуттарын соҕотох «Сиимэ» диэн С.В.Федоров 1976 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэтиттэн билиэххитин сөп.
Өскөтө биир эмэ кырдьаҕас киһини көрсөн кэпсэтиннэрэн да көрүҥ, саха олоҕо сэрии кэмигэр хайдаҕа дьиҥнээхтик ойууланар. Ол курдук бу дьиҥнээх олоххо буолбуту уус ураннык ойуулаан суруйуу.Сиимэ пионер оҕо баара суоҕа 12-13 эрэ саастаах оҕо. Кини төрөөбүт дойдутун,биир дойдулаах дьонун — сэргэтин хайдах курдук таптыыр оҕонуй?!
Бу кинигэттэн быһа тардыыны ааҕыҥ. Олус үчүгэйдик, оччотооҕу олоҕу ойуулаан көрдөрүү:
«-Тоойуом, сибилигин дьоннор кэлиэхтэрэ. Киэҥ айдаан буолуо…Миигин тутан ылыахтара…
Хайдах гыныахха. Дезертири тутан баран, ама ыытан кэбиһиэ дуо. Өссө албыннаан ньылаҥнаабыт буола-буола!
Сиимэ саҥата суох халҕаны аһан хадьыктаста. Онуоха анараа күтүр оҕону окумалыттан ыбылы харбаан ылан, дьиэ ортотугар умса бырахта….
— Син биир этиэм!
Дезертир сирэйин хаанньаччы туттаат сутуруга күөрэс гынна да, оҕо муостаҕа төкүнүйэ түстэ.
— Хара ыт, этиэҥ дуу, суох дуу?!
Сиимэ ойон туран хааннааҕынан силлээтэ,уун утары өтөрү көрөн турда.
— Дезертир түөкүн ! Сааппаккын….»
Оҕолоор, бу кинигэни булан ааҕарга кыһаныҥ. Бу иннигэр уонна салҕыы туох буолбутун билиэххит…Маны ааҕан эһэлэргит,эбэлэргит, өбүгэ дьоҥҥут иэдээннээх сэрии кэмигэр оонньооботох оҕо саастарын олохторун ааҕыаххыт.
Зинаида Григорьева