Коронавирус (2019-nCoV) молекулата коронаҕа маарынныыр буолан, “коронавирус” диэн ааттаабыттар. Коронавирус көрүҥэ элбэх, ол гынан баран, бу вирус түргэнник уларыйар, мутациялыыр кыахтаах буолан, саҥаттан саҥа көрүҥэ үөскээн иһэринэн кутталлаах.
Ордук кыыл-сүөл геномнара булкааһыктаах вирус маҥнай утаа бэринэр эмэ суох буолан, элбэх киһини сутуйар. Холобур, бу вирус сарыы кынат уонна эриэн үөн геномнарын булкааһыга вирус буолан, киһи организмыгар киирбититтэн үөскээбит дииллэр.
“Саха сиригэр, билиҥҥи туругунан, коронавирус суох”, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев этэн турар. Ол эрээри, үгэс курдук грипп уонна араас инфекциянан, вируһунан бэриллэр ыарыылартан хаһан баҕарар харыстанар наада. Онуоха анаан маннык сүбэлэри биэрэбит:
- Дьиэҕититтэн тахсаргытыгар үтүлүккүтүн уонна бэрчээккэҕитин кэтэргитин умнумаҥ. Оптуобуска, маҕаһыыҥҥа хантан эмэ тутуһар түбэлтэҕитигэр устубакка кэтэ сылдьыҥ.
- Өскө бэрчээккэҕитин устар буоллаххытына, илиигитин, бэл баттаххытын ордук хараххытын, тыытымаҥ.
- Бэрчээккэҕитин, үтүлүккүтүн сууйа сылдьыҥ.
- Медицинскэй маасканы кэтэ сылдьыҥ. Ол эрээри 2 чаас буола-буола уларытаргыт ордук. Маасканы дьиэ, тырааныспар иһигэр кэтиҥ. Таһырдьа, уулуссаҕа — туһата суох.
- Дьон тоҕуоруспут сиригэр чугаһаабат ордук. 1-2 миэтирэ кэриҥэ ыраах туруҥ.
- Илии тутуһан дорооболоспоккут ордук.
- Дьиэҕитигэр сотторгутун сотору-сотору уларытыҥ, сууйуҥ.
- Аан тутааҕар саамай элбэх микроб баара биллэр. Онон бэрчээккэлээх илиигитинэн тутааҕы тутан арыйыҥ. Сыгынньах илиигитинэн арыйдаххытына, тута суунаргыт ордук.
- Кирилиэс тутуһарын (перилатын), атын дьон малын-салын, гаджеттарын тыытымаҥ.
- Аһыыргытыгар тус-туһунан иһиттэртэн аһааҥ. Уопсай тэриэлкэттэн аһаамаҥ, сок бытыылкатыттан, биир чааскыттан бары уопсай иһимэҥ. Иһиккитин үчүгэйдик сууйуҥ.
- Кыыл этин атыылаһымаҥ. Саас кус булдун кэмэ буолуо, онно сэрэхтээх буолуҥ. Дьиэ кыылын этин, балыгы үчүгэйдик буһаран сиэҥ.
- Дьиэҕит бордууһунатын арыйан, салгылата сылдьыҥ. Үөрэнэр, үлэлиир кэбиниэккитин эмиэ.
- Бэйэҕит төлөпүөҥҥүтүн испиирдээх салфетканан сото сылдьыҥ.
Мэҥэ-Хаҥалас Хаптаҕай оскуолатын оҕолоро ыарыыттан хайдах харыстанар санаалаахтарын Владиан Цыпандин ыйыталаста.
Миша Сидоров, XI кылаас үөрэнээччитэ:
— Коронавирус туһунан истэн буоллаҕа, тэлэбиисэр, араадьыйа, Интернет — барыта ол туһунан суруйар. Харыстанар туһуттан илиигин, сирэйгин хаһаайыстыбаннай, эбэтэр бактерияны өлөрөр мыыланан сууна сылдьыахха наада, тус бэйэ гигиенатын тутуһуохха. Илии тутуһан дорооболоһууну аччатыахха. Мин санаабар, биhиги сахалар буоларбыт быhыытынан, эт ас, үрүҥ ас аһылыктаах буоларбыт ордуга буолуо. Онтон иммунитеты бөҕөргөтөргө күннээҕи эрэсиими тутуhуохха наада, кэмигэр утуйан-туран, аһаан-сиэн, эккин-сииҥҥин эрчийэн, бэйэҕин көрүнэ сылдьыаххын наада. Быраастар ыраас ууну элбэхтэ иhэргэ сүбэлииллэр, тоҕо диэтэргин, уу киһи этин-сиинин ыраастыыр үтүө дьайыылаах.
Айхал Андросов, IV кылаас:
– Коронавирустан дьон куhаган буолалларын туһунан тэлэбиисэринэн кэпсииллэр. Онтон дьону быыhыыр, эмтиир буолбуттарын истэн, үөрбүтүм. Мааска кэтиэххэ наада дии саныыбын, дьиэттэн мээнэ тахсымыахха, илиигин мыыланан сууна сылдьыахха. Элбэхтэ битэмииннээх аһы, холобур, оҕуруот аhын, фруктаны сиэхтээххин.
Алена Афанасьева, VIII кылаас:
– Бу Кытайтан тарҕаммыт ыарыы олус кутталлах. Куһаҕана диэн бу бастаан утаа бу ыарыыны кыайар эмп суох буолан, элбэх дьон өлөллөр, наһаа сыстыганнаах. Онон элбэх киһи туҕуоруһар сиригэр сылдьымаҥ, тус бэйэ гигиенатын тутуhуҥ диэн сүбэлиибин. Доруобуйаны бөҕөргөтөр туһуттан оҕуруот астарыттан салааты, тоҥ отону саахардаан баран эбэтэр муорус оҥостон иһэ-сии сылдьыахха. Мүөт, чочунуок, лимон, апельсин, дөлүһүөн, моонньоҕон, хаптаҕас элбэх C битэмиинээхтэрин билэбин. Ону таhынан, спордунан дьарыктанар уонна эти-сиини чэбдигирдэр (закаливание) туhалаах буолуо.