Ааспыт нэдиэлэҕэ, ахсынньы 10 күнүгэр, Маар сэлиэнньэтигэр «Алгыс» норуот айымньытын дьиэтигэр доруобуйаларын хааччахтаах дьоннор декадаларын чэрчитинэн оҕолорго аналлаах оройуоннааҕы «У тебя есть мир! У мира есть ты!» диэн Мария Оппудонова бырайыагынан 3-с сылын ыытыллар оҕолорго айар фестиваль буолан ааста.
Фестиваль сүрүн соругунан доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор талааннарын, дьоҕурдарын, ураты көрүүлэрин арыйыы, кинилэри өйөөһүн уонна көҕүлээһин буолар. Күрэххэ 2-титтэн 17 сааһыгар диэри уопсайа 33 оҕо Ньурба оройуонун нэһилиэгиттэн кыттыыны ыллылар.
Биһиги оскуолаттан 3 оҕо баран уус-уран тыл хайысхатыгар кыттыыны ыллылар. Күрэх түмүгүнэн бырааттыы Витя, Костя Докторовтар Ийэ сылын чэрчитинэн, Ийэ туһунан хоһоон ааҕан 1 миэстэни ыллылар, Ньургун Рожин сэрии толоонугар охтубут буойуттарга анаан «Мин мантан сэриигэ барбытым» хоһоонунан 3 миэстэни ылла.
Оҕолор күрэх кэннэ сүргэлэрэ көтөҕүллэн, оҕолор талааннарыттан сөҕөн-махтайан, эһиил өссө кыттарга сананан кэллилэр.
Марина Васильева, 9 кыл. үөрэнээччитэ, «Ыллык» эдкорпост, Ньурба, Хаҥалас.