Итинник ааттаах оҕолорго аналлаах доруобуйа ыйынньыгын көр, сэргээ, аах.
Элбэҕи билиэххит. Төрөппүт, итээччи, учуутал, быраас оҕолору кытта үлэлииллэригэр олус табыгастаах, наадалаах уонна туһалаах.
- «Киһи этэ-сиинэ» диэн ойуулаах тылдьыт баар. Ыраас, чэбдик буолар туохха наадатын, микроб кутталын туһунан билиэххит.
- Сөптөөх аһылык диэн тугуй? Сөптөөх аһылык – диэн доруобуйа төрдө.
- Куйах курдук харыстыыр, ыарыылартан көмүскүүр тугуй? Быһыы. Күн сирин көрүөххүттэн улаатыаххар диэри ханнык быһыылары ылыахтааххыный? Ол туһунан Дьокуускайдааҕы Быһыы киинэ быһаарар.
- Тииһи сөптөөттүк суунуу туспа быраабылалаах. Ол туһунан «Авандент» аныгы стоматология студията кэпсиир.
- Кыра саастаан бэрээдэккэ кытаанахтык үөрэниэххэ, режимы тутуһуохха, эппит тылга туруохха! Эн күннээҕи бэрээдэгин хайдаҕый? Ыйынньыктан ылан бэйэн бэрээдэккин оҥоһун, ойуулаа.
- Тохтоо, коронавирус! Хоруоналаах вирустан хайдах харыстанар туґунан RadХ-Med ыарыыны быһаарар киин сүбэлиир.
- «Канти» медицина киинин быраастарын сүбэтин ааҕыҥ. «Кантины» кытта доруобай буолуҥ!
- Чуораанчыктыын сэрээккэлээ, эккин-сииннин эрчий!
- Төлөпүөҥҥэ сиэрэ суох ылларбыт оҕо сүүрэр-көтөр, салгыҥҥа сылдьар оҕоттон туох уратылааҕый? Тэҥнээн көр, толкуйдаа, бэйэҕэр түмүктэ оҥоһун!
Остуолгар уура сылдьан көр, аах, доруобуйа туһунан билиигин хаҥат. Өйдөө! Киһи саамай күндү баайа – доруобуйата бэйэтин илиитигэр баар.
Ааптар: Сардаана Матвеева.