Болҕойуҥ!
«Кэскил» оҕо хаһыата II-VI кылаас оҕолоругар аналлаах «ДОРУОБУЙА АЗБУКАТА-2022» өрөспүүбүлүкэтээҕи викторина биллэрэр.
«Кэскил» хаһыакка «Доруобуйа азбуката» рубрика тахсыбыта 1 сыл буолла. Оҕо кыра эрдэҕиттэн бэйэтин этин-сиинин билэ, тас эйгэ дьайыытыттан харыстыы, доруобуйатын көрүнэ улаатыахтаах. Оҕолор быраас Яна уруоктарын интэриэһиргээн ааҕаллар, көрөллөр. Ылбыт билиилэрин төһө иҥэриммит эбиттэрий? Викторинаҕа кыттан тургутан көрүҥ.
Викторина тэрээһинэ:
- «Доруобуйа азбуката» өрөспүүбүлүкэтээҕи викторина муус устар 21- ыам ыйын 4 күнүгэр диэри ыытыллар.
- Викторина төлөбүрэ: 75 солкуобай (моббанк 89142986806 Айыына Нюргуновна Т. аатыгар ыытаҕыт).
- Кыттааччы төлөөбүтүн туһунан квитанцияны уонна электроннай аадырыһын 89142986806 нүөмэргэ ыытар.
- Квитанцияны администратор туттаҕына, викторина сорудахтарын электроннай аадырыска ыытар.
- Кыттааччы сайаапканы уонна сорудаҕы оҥорон баран keskil_keskil@mail.ru электроннай аадырыска ыытар.
- Викторина сорудаҕын толорорго 30 мүнүүтэ бэриллэр.
Түмүк:
- «ДОРУОБУЙА АЗБУКАТА-2022» өрөспүүбүлүкэтээҕи викторина түмүгүнэн I, II, III миэстэлэр тахсыахтара.
51-45 балл – I миэстэ
44-38 балл – II миэстэ
38 балл уонна аллараа – III миэстэ
10 элбэх оҕону салайан кытыннарбыт учуутал Махтал сурук тутуоҕа.
- Грамота, Махтал сурук электроннай аадырыска ыытыллар.
Билсэр нүөмэргит: 89142986806 (Айыына Трофимова).
Тэрийэр бөлөх.