«Олоҥхо» тыйаатыра Сунтаар бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатын актабай саалатыгар, оҕолорго «Дьорҕостой Бэргэн» куукуланнан олоҥхотун көрдөрдө.
Олоҥхо Менкяров Гаврил турууута. Николай Калинович — Чопчухаан олоҥхото » Дьорҕостой Бэргэн»
Барыта 500 оҕо сырытта. Куукуланнан олоҥхону көрөр дьикти үчүгэй, сонун эбит диэн оҕолор астыннылар, олус сэргээтилэр. Степанова Айыына Иннокентьевна салайааччылаах 1 кылаастан 29 оҕото сырытта .
Олоҥхону куукуланнан көрөн оҕолоро аһара сөхпүттэр, астыммыттар. Олоҥхону биир тыынынан көрбүттэр . Өссө Сунтаарга кэлэллэрин күүтэллэр. Уопсайынан куукуланнан олоҥхону көрөр ураты көстүү эбит, киһи хараҕын араарбакка биир тыынынан көрөҕүн. Учууталлар,үөрэнээччилэр, төрөппүттэр бары үөрэн-көтөн, астынан тарҕастылар.
Сунтаар бастакы нүөмэрдээх медиа киин «Дьулуур»
юнкора Семенова Анисия, 8 а кылаас