— Эһиги ханна, хаһан көрсөн ыал буолбуккутуй?
— Хас биирдии киһиэхэ дьиэ кэргэнэ туллар тутааҕа, өйөбүлэ, тирэҕэ буолар. Биһиги ыал Томпо улууһун Саhыл нэhилиэгэр Кэскил сэлиэнньэтигэр олохсуйан, бииргэ олорбуппут номнуо отуттан тахса сыл буолбут. Аҕабыт, Олег Владимирович, омугунан нуучча. Мин, ыал ийэтэ Татьяна Дмитриевна — сахабын. «Ханна көрсөн, ыал буолбуккутуй?” диэн ыйытыыга кылгастык эттэххэ маннык: Биир дьүɵгэм Дьокуускайга үɵрэнэ сылдьан, Ташкент куоракка кɵспүтэ. Сааскы каникулга хас да буолан, киниэхэ ыалдьыттыы барбыппыт Дьэ, онно аан бастаан Олегы кытта кɵрсүбүтүм.
— Икки атын омук бэйэ-бэйэҕитин өйдөһөргүтүгэр туох ситимнээбитэй?
— Үйэлэртэн үйэҕэ киhи аймахха бэриллэн испит ыраас таптал уонна истиҥ иhирэх сыhыан буоллаҕа дии сүрүнэ…Ханнык омугуҥ онно оруолу оонньообот.
— Биһиги нэһилиэкпитигэр олохсуйаргытыгар ордук тугу сөбүлээбиккитий?
— Биһиги Томпо улууһун Саhыл нэhилиэгэр ыал буолуохпутуттан олоробут. Ырыаҕа ылламмыт, хоhооҥҥо хоhуллубут кэрэ айылҕалаах уонна хоhуун үлэhит дьоннордоох сири кэргэним, Олег Владимирович, олус сɵбүлүүр. Биирдэ эмэ дьонугар Узбекистаҥҥа бардаҕына, нэhилиэгин дьонун, Сахатын сирин ахтыбыт буолар.
— Дьиэ кэргэниҥ туһунан билиһиннэриҥ- хас оҕолооххутуй, тугу үлэлииллэрий, туох дьарыктааххытый, кэтэх хаһаайыстыбаҕыт?
— Олег Владимирович ЖКХ-ҕа электрик, мин, ыал ийэтэ, алын сүhүɵх учуутала буолабын. Ийэ, аҕа буолар дьолун биллэрбит биэс оҕолоохпут.
Улахан уолбут Дорҕоон Дохсун – этнопедагог, фольклорист, «Барҕа-Уhуктуу» диэн уол оҕону иитиигэ бырагыраама ааптара.
Сергей – Саха сирин, Россия уонна Аан дойду спортка маастара, мас тардыhыыга Аан дойду чемпиона.
Снежана — «I-я Вице мисс Республики Саха-2014», Хаандыгатааҕы Култуура киинигэр методист.
Тɵрдүс оҕобут Игорь – «Азия оҕолоро» оонньууларга мас тардыhыы призера, билигин старшай матроhунан Тихоокеанскай байыаннай-морской флотка подводнай лодкаҕа сулууспалыы сылдьар.
Саамай кырабыт Тимур Саhыл орто оскуолатын VIII кылааһыгар үɵрэнэ сылдьар. Убайдарын курдук мас тардыhыытынан утумнаахтык дьарыктанар. Оройуон чемпиона, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэр призёрдара.
Тыа ыала буоларбытынан кэтэх хаhаайыстыбалаахпыт, оҕуруот аhын ɵлгɵмнүк үүннэрэбит.
— Бэйэҕит омуккутуттан илдьэ сылдьар туох үгэстээххитий уонна ону оҕолоргутугар, сиэннэргитигэр хайдах тиэрдэҕит?
— Биһиги дьиэ кэргэн икки омук култууратын, итэҕэлин, аһын-үөлүн, сиэрин-туомун тэҥҥэ тутан кэллибит. Ол гынан баран, Саха сиригэр, саха дьоно түɵлбэлээн олорор сиригэр олорор буоламмыт, сахабыт тылын, үгэстэрин, култууратын ордук чорботобут. Аҕабыт сахалыы ɵйдүүр, саҥарар. Сиэннэрбит биhигини – эhэлээх эбээлэрин уонна ийэлэрин, аҕаларын кɵрɵ сылдьан, биhиги холобурбутунан үүнэллэр, сайдаллар.
Үтүɵ үгэспит – хас сайын аайы дьиэ кэргэнинэн түмсэр күүтүүлээх кɵрсүhүү. Манна ирэ-хоро кэпсэтии, күрэхтэhии, сыллааҕы түмүктэринэн эҕэрдэлэһии буолар.
— Ыалга саамай туох нааданый?
— Бэйэ-бэйэни ɵйдɵhүү, ɵйɵhүү. Оҕолорбут тапталлара, махталлара, ɵйɵбүллэрэ күүспүтүгэр күүс эбэр, олох олорор дьүккүɵрбүт кыаҕын кэрэhэлиир. Дьиэ кэргэммит биир сомоҕо түмсүүтэ олохпут халбаңнаабат укулаата буолар.
Вика Комиссарова, IX кылаас. Саһыл оск, Томпо.