Саҥа үөрэх дьылын саҕаланыыта Чурапчы гимназиятыгар “Гимназия өрөспүүбүлүкэтин” президенин уонна “Маарыкчаан кэскилэ” лидерин талар үтүө үгэстээх.
Кандидаттар сайаапка ыытан, быыбар иннинэ бэйэлэрин инники үлэлэрин бэлэмнээн билиһиннэрэллэр. Онтон дебат буолар. Дьэ, ол кэннэ быыбардыыр хамыыһыйа үлэлиир.
“Маарыкчаан кэскилэ” түмсүү лидерыгар кандидаттарынан быйыл биэс үөрэнээччи туруорунна. Сеня Гурьев (5 “а” кылаас), Сандаара Гуляева (5 “б” кылаас), Айина Куличкина (6 “а”кылаас), Саян Саввинов (6 “б”кылаас), Гриша Логинов (7 “б”кылаас). Онтон президент дуоһунаһыгар Настя Соломова (8 “а” кылаас), Никита Платонов (8 “б”кылаас), Лилия Бурцева (10 “а” кылаас), Айсана Сивцева (10 “б” кылаас) туруоруннулар.
Бу тэрээһин иһинэн гимназия аактабай саалатыгар дебат буолла. Үс түһүмэҕинэн ыытылынна. Бастакы түһүмэххэ кандидаттар бэйэлэрин бырагыраамаларын 3 мүнүүтэ устата билиһиннэрдилэр. Иккис түһүмэххэ эрдэттэн бэлэмнэммит ыйытыктарга санааларын үллэһиннилэр. Үһүскэ “Аһаҕас микрофоҥҥа”куоластааччылар ыйытыыларыгар хоруйдаатылар.
Учууталлар, оҕолор кандидаттарга ыйытыы арааһын биэрдилэр: Эн санааҕар, лидер диэн кимий? Гимназияҕа үөрэх хаачыстыбата үрдүүрүгэр туох үлэни ыытыахха сөбүй? Оскуола олоҕор туох саҥаны киллэриэххин баҕараҕын? о.д.а.
Дебат түмүгүнэн хас биирдии кандидат гимназиябыт сайдыытыгар улахан үлэни оҥорор былааннааҕа, күүстээх санаалааҕа, бэйэтигэр эрэллээҕэ көһүннэ. Биһиги Лилия Бурцева бырагырааматын сэҥээрбиппит. Кини рейтинговай систиэмэни күүһүрдэр, профориентационнай тэрээһиннэри тэрийэр уонна оҕолор санааларын үллэстэллэригэр почта дьааһыгын оҥорор былааннаах. Маннык курдук дьиҥ суолталаах уонна туһалаах үлэлэри ыытыан баҕалаах.
Ити курдук кандидаттар тылларын-өстөрүн истэн баран, оҕолор лидер, президент быһыытынан кими талалларын быыбардыыллар.
Маннык тэрээһин ыытыллара туһалаах. Атын дьону истэ, уопсай дьыала туһугар кыттыһа, санаабытын этэ үөрэнэбит.
Ньургуйаана ЕГОРОВА, Нарыйа МАКАРОВА, Х «А» кылаас, «Тумус кыһа» пресс-киин,
С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията