Кулун тутар 6 күнүгэр Дьокуускай куоракка Гагарин аатынан култуура уонна аныгы искусство киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата 2024 сылга туох үлэни ыытан кэлбитин туһунан отчуоттаата.
Олох сайдыытын кытта сибээстээх бары хайысхаҕа (экономика, промышленность, тутуу, оҕо төрөөһүнэ, тыа хаһаайыстыбата, үөрэхтээһин, култуура, спорт о.д.а.) 2024 сылга туох үлэ ыытыллыбытын туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Евгеньевич Бычков кэпсээтэ.
Отчуоттуур мунньахха демография хайысхатын туһунан болҕойон иһиттим. Оҕо төрөөһүнэ, ыал ахсаана элбээһинэ, дьиэ кэргэн суолтата үрдээһинэ – бу барыта Россия, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ дьон олоҕун тупсарыытын туһугар ыытыллар үлэтин кытта сибээстээх. Холобур, Кирилл Евгеньевич бэлиэтээн эппитин курдук, 2025 сылга Россия инники сайдыытын кытта сибээстээх 20 национальнай бырайыак олоххо киириитэ саҕаланыа, олортон 12-тэ – биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр буолуоҕа.
2025 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи ааҕынан, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 1 мөлүйүөн киһи олорор. Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтин ахсаана 390 тыһ. киһи буолбут. Саха сиригэр киһи олоҕун уһуна 73 саас буолбут. “Демография” национальнай бырайыак үлэтин түмүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр хас бэһис дьиэ кэргэн элбэх оҕолоох.
– Инникитин хас төрдүс дьиэ кэргэн элбэх оҕолоох буоларын ситиһиэхтээхпит, – диэн эттэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Евгеньевич Бычков.
Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн элбэх оҕолоох ыал ахсаана – 34 тыһыынча 300. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ 120 тыһыынча оҕо иитиллэр эбит.
Кирилл Евгеньевич Саха сирэ оҕо төрөөһүнүгэр, демографияны харыстааһыҥҥа Дальнай Восток үрдүнэн 10 иһигэр киирэр регион буоларын туһунан эттэ.
Россия Президенэ Владимир Владимирович Путин элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр анал укааһыгар олоҕуран, өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев эбии өйөбүл, көмө хайысхаларын киллэрбит. Холобур, элбэх оҕолоох ыаллар музейга босхо сылдьаллар, оҕолорго чэпчэтиилээх айан, оскуолаҕа босхо аһынан хааччыйыы, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн устудьуон оҕотугар коммунальнай өҥөҕө чэпчэтии оҥоһуллар.
– Элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр миэрэлэр биир, икки сылынан түмүктэнэн хаалбакка, салгыы ыытыллыахтара, – диэн эттэ Кирилл Евгеньевич.
Тоҕо диэтэххэ, биһиги дойдубут Россия, Саха сирэ инники сайдыыта демографияны кытта ыкса сибээстээх. Дьонноох-сэргэлээх, кэнчээри ыччаттаах дойду сайдыылаах, кэскиллээх буолар.
Сандаара СЕМЕНОВА, VIII «Г» кылаас,
17 №-дээх оскуола, Дьокуускай
Алеся Николаева хаартыската, VIII «Г» кылаас