«Бэлэм буол», кэлин «Кэскил» хаһыакка отучча сыл үлэлээбит кэммэр үтүө дьону кытта алтыһан, биир өйүнэн-санаанан айбыппыт-туппуппут. “Ыал холумтанынан” диэбит курдук, бу хаһыакка кэлин сылларга бииртэн биир дьоҕурдаах, айар куттаах эдэр дьон кэлэн үлэлээн, сайдан, суруксут ааттаахтара буола үүнэн, ааттаах-суоллаах суруналыыстар, суруйааччылар, үлэ араас салаатыгар биллэр-көстөр үлэһит буолан тахсыбыттара.
“Сааскы кэми” бэлэх туппутум
Былыр диэххэ, дойдубар Чурапчы Одьулуунун сэттэ кылаастаах оскуолатыгар бастакы дуу, иккис дуу, кылааска үөрэнэ сырыттахпына, Саҥа дьыл харыйатыгар үчүгэй үөрэҕим иһин буолуо, хап-халыҥ, балачча ыйааһыннаах кинигэнэн бириэмийэлэнним. Онтукам «Сааскы кэм» диэн төбөлөөх. Дьиэбэр дьонум соһуйдулар, “туох ааттаах улахан кинигэтэй”, диэн. Ааҕа үөрэммит буоламмын, бастакы сирэйиттэн буолбатах, кэпсээннэр дии санаатаҕым буолуо, бастаан «Абааһылар» диэн төбөлөөҕү булан, таарыччы эбэбэр ааҕан биэрдим. Ол курдук, сөбүлээбит сирбинэн арыйан, барытын да буолбатар, син ааҕан муҥнанным. Кэлин хайа эрэ киһи, бука, үөрэхтээх эбитэ буолуо, уларсан диэн ылбыта, ол онон бастакы бириэмийэ кинигэм мэлийбитэ.
Амма Аччыгыйын бэйэтин пионердар сүлүөттэригэр кытта сылдьан, V-VI кылааска, сайын Киров уулуссатыгар баар «Бэлэм буол» редакциятыгар сылдьан аан бастаан көрбүтүм, кэпсээнин истибитим. Тугу кэпсээбитин өйдүүр суох.
Амма Аччыгыйа күннээҕи олоххо
Николай Егорович Мординов күннээҕи олоххо, үлэтигэр, бииргэ үлэлиир дьонугар аһара болҕомтолоох, эйэҕэс, боростуой, хаһан да улуутуйбат буолара. Биһиги да киниэхэ дириҥ ытыктабыллаахтык, истиҥник сыһыаннаһарбыт. Уус тылы, дьээбэни сөбүлүүрэ, бэйэтэ бүппэт кэпсээннээх буолааччы. Кэпсии-кэпсии, үчүгэй баҕайытык чаҕаарыччы күлэрэ. Алтыспыт дьоно элбэҕэ, Россия биллэр суруйааччылара, саха классиктара, былыргы интеллигеннэрэ, Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Муся Потапова, Александр Габышев уо.д.а. Саха Өрөспүүбүлүкэтин тэрийсибит, атаҕар туруорсубут дьону барыларын билэрэ. Кини кэпсээннэрин наһаа сэҥээрэн истэрбит, ардыгар курутуйарбыт, ардыгар үөрэрбит, киэн туттарбыт. Уонна хайабытыгар да ол кэпсээннэри умнубат гына сурунан ылар өй суоҕуттан билигин кэлэн кэмсинэҕин эрэ.
Дьиэтигэр элбэхтик сылдьарбыт. Кэргэнэ Любовь Федоровна Корниловалыын эдэркээн саастарыгар үөрэнэ Москваҕа диэри уһун-синньигэстик айаннаабыттарын кэпсиирэ. Наһаа эйэлээх, иллээх этилэр. Биирдэ эмэ улаханнык саҥарсыбыттара да суох буоллаҕа ээ. Тиийдэхпитинэ, куукунаҕа турар улахан былыргы ыскаабын аллараа өттүн арыйа баттыыр, онно араас омук дьэрэкээн бытыылкалара, хоппоҕо кэмпиэт бөҕө турар буолааччы. Тапталлаах оҕолоро Муза Николаевна астаабыт наһаа минньигэс туорда баар буоллаҕына, биһиги күннүүрбүт.
Ойуунускай кыргыттарын көрбүппүт
Биир кыһын бииргэ төрөөбүттэрэ Авксентий Егорович, Трофим Егорович, балтылара Татьяна Егоровна бары баалларыгар түбэспиппит. Николай Егорович 80 сааһын туолбут кыһына эбит. Үбүлүөйдээх убайдара үөрэн-көтөн чаҕылыҥнаан биэрбитэ. Бырааттара, балта убайдарын таптыыр харахтарынан көрөн, үөрэн мичийэ олороллоро бу баар курдук. Ойуунускай кыргыттара Саргылаана Платоновна, Сардаана Платоновна Николай Егоровичка олус истиҥник сыһыаннаһаллара. Дьиэ иһигэр «дьээдьэ Коля», диэн ыҥырар эбиттэрэ. Биир көрсүһүүгэ Сардаана Платоновна киниэхэ махтанан, кыра сылдьан бу ыал дьиэтигэр Саҥа дьылга кэлэн үчүгэйкээн бэлэхтэри ылан баралларын ахтыбыта. Саргылаана Платоновна долгуйан, кыайан саҥарбатаҕа. Кини сааһынан арыый аҕа буолан, төһө да кыра буоллар, барытын бу баардыы өйдүүрүн, тугу да умнубатаҕын билэр буоламмыт, аралдьытаары, кэпсэтии сүнньүн уларыттахпыт дии.
Муся Потапова-Габышеваны көрүүм
Николай Егорович аадырыс биэрэн, Москваҕа сэминээргэ бара сылдьан, Муся Потапова-Габышеваҕа сылдьан турабын. Тиийбиппэр, аанын арыйан, кэтэһэн турара. Бу иннинэ кини Дора Жирковалыын Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыттара, өссө Хатыҥ Үрэх үрдүнэн мырааҥҥа хаһыаппыт ыһыаҕар кыттыбыт буолан, барыбытын билэрэ. Кэмпиэттээх чэй истибит, балачча өр сэһэргэстибит, кини миэхэ илии баттаан кинигэ бэлэхтээбитэ.
Ытык киһибит дойдутугар
Биир сайын хаһыаппыт газигынан Таатталаатыбыт. Редакторбыт Нина Иннокентьевна, Николай Егорович, Николай Степанович Дмитриев, художник Спиридон Васильевич Федоров уонна дойдулаах киһини илдьиэххэ диэннэр, хата, мин кыбыллан барыстым. Кыһыҥҥыттан бу айан буолуон, ханан сылдьыахха сөбүн туһунан кэпсэтии бөҕө буолбута. Иһэр уу, өйүө ыллыбыт да, айаннаабыппыт. Николай Егорович дойдутунан, ытык Таатта бэлиэ сирдэринэн бэркэ сылдьыбыппыт. Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүт балаҕанын көрөөрү, кыра уу баарын кэһэн туораан, санаабар балай да хааман тиийдибит. Балаҕан турар олбуоругар күрүө быыһынан киирэн хаамтыбыт, көрдүбүт, ол тухары Николай Егорович сылайбакка кэпсиир да кэпсиир. Онтон күөх окко олорон, алаадьыбытын таһааран сиэтибит, чэйбитин истибит.
Тааттаттан куоракка төннөн иһэн, Одьулууҥҥа мин аҕам аахха сылдьан, чэйдээн аастыбыт. Аҕам олбуорун ото үллэччи үүммүтүн охсо сылдьара. Дьонум көрөн соһуйдулар да, үөрдүлэр да. Улахан хобордоохторугар булуустан эт таһаара охсон, быһыта охсон, ыһаарылаан, чэйдэтэн атаардылар.
Оннук минньигэс мунду этэ
Николай Егорович уоппускаҕа бардаҕына, үксүн даачатыгар олороро. Кэлин улаханнык айаннаабат, кэлбэт-барбат этэ. Кини суоҕар редакцияҕа кинини ирдээн биир да суруйааччы, билэр дьоно, доҕотторо Болот Боотур, Петр Тобуруокап, Күннүк Уурастыырап, Михаил Черосов да киирэн кэлбэттэр. Уу-чуумпу, уруучука сырдыргыыра, бэчээттиир массыыҥка тачыгырыыра эрэ иһиллээччи. Онтон таһараа аан аһылларын кытта Николай Егорович саҥа аллайбытынан киирэн кэлээччи. Биһиги, иккис этээскэ уу чуумпутук суруксуттуу олорооччулар, ону истээт, аллараа түһэ охсобут. Аҕалара кэлбитигэр үөрбүт оҕолор курдук, бары кинини төгүрүйэ охсобут. Кини эмиэ салгын сиэбит сирэйигэр үөрбүтэ көстөр. Туох эрэ суулааҕы остуолга уурбутун, түргэн үлүгэрдик арыйа баттаабыппыт, саһарчы буспут, үөлүллүбүт мунду! Аата минньигэһин! Оннук минньигэс мундуну уонна сиэбит да суох.
“Дьон үөрүүтүгэр сатаан үөрэр буолуҥ”
«Доҕоттоор, алыс үлэҕэ умса түһүмэҥ эрэ, күлэр-үөрэр, дьону кытта сэһэргэһэр эмиэ наада ээ», «Дьон үөрүүтүгэр сатаан үөрэр буолуҥ», «Мин дьону кытта үөрүүбүн эрэ үллэстэбин, хомолтом бэйэбэр», «Суруйаргытыгар кимиэхэ анаан суруйар киһигитин, оҕону хараххытыгар бу баардыы көрөн олорон суруйар буолуҥ», диэн улуу киһи Амма Аччыгыйа этэрин-үөрэтэрин, бу редакцияҕа араас кэмнэргэ үлэлээбит дьон, хайа да үлэҕэ, тус олохпутугар эмиэ, син тутуһа сатаан кэллэхпит диэхпин сөп.
Уонна этэрэ: «Мин бу кыракый оҕо хаһыатыгар олоҕум саамай ыарахан кэмигэр кэлбитим. Манна үлэлээбитим мин дьолум эбит. Дьол баар эбит, доҕоттоор!»
Наталья ТОМТОСОВА.