Бүгүн, балаҕан ыйын 23 күнүгэр, Дьокуускай куоракка «Слет Юнармии» үөрэнээччилэр уонна ыччат VII өрөспүүбүлүкэтээҕи патриотическай сүлүөттэрин чэрчитинэн Саха сиригэр бастакы «Дом Юнармии» киинэ үөрүүлээхтик арылынна. Саха сиринээҕи бэлэмнээх буолуу киинэ Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ бэһис буолла. Үөрүүлээх тэрээһин Саха автономията төрүттэммитэ 100 сылыгар уонна Дьокуускай куорат 390 сылыгар ананна.
Билиҥҥитэ Саха сиригэр 7214 юнармеец 186 патриотическай этэрээккэ 31 оройуоҥҥа иитиллэр. Олортон 63 эдэр армеец үһүс степеннээх «Юнармейскай килбиэн» түөскэ кэтиллэр бэлиэлээх.
Саҥа арыллыбыт киин «Патриотическое воспитание граждан Российской Федерации» федеральнай бырайыак иһинэн үлэлиир «Үөрэҕэрии» национальнай бырайыак чэрчитинэн арылынна, онон сиэттэрэн федеральнай киинтэн 700 тыһ. суумалаах субсидия көрүллүбүт.
«Дом Юнармии» киин сүрүн соруга — оҕону өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн уонна төрөөбүт дойдуга бэриниилээх, бары өттүнэн дэгиттэр, олох оскуолатыгар бэлэмнээх буола иитэн таһаарыы буолар. Манна эр хоһуун уруоктара, байыаннай сулууспаҕа үөрэхтэр уонна да атын патриотическай хайысхалаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Киин билиҥҥитэ туох баар тэрилинэн хааччыллан турар.
Эдэр армеецтар дьиэлэрэ Клара Цеткин уулусса 14/3 нүөмэрдээх дьиэтигэр турар Улаатан эрэр оҕолор киинин иһинэн үлэтин саҕалаата. Манна Дьокуускай куораттан эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэбит бары эдэр армеецтарын сомоҕолуур биир бастыҥ патриотическай тыыннаах сиринэн буолуоҕа.
Дойдуга бэриниилээх ыччаты иитэн таһаарар «Дом Юнармии» киинэ маннык уустук кэмҥэ арыллыбыта бүгүҥҥү күҥҥэ хас биирдиибитигэр сүҥкэн улахан суолталаах.
keskil14.ru