Бүгүн, от ыйын 23 күнүгэр, «Кэскил» медиа-интенсив оҕолоро Каландарашвили уонна Жирков аатынан уулуссалар быһа охсуһууларыгар, Троицкай собор («Чароит») аттыгар археологическай хаһыы хайдах ыытылларын көрөн-билэн кэллибит. Хаһыы үлэтэ ыам ыйын 23 күнүттэн саҕаламмыт.
Сургуттааҕы археологическай экспедиция «Северная археология — 1» археолога Иван Викторович Фролов салайыытынан хаһыы үлэтэ ыытыллар. Кини бэйэтэ биһигини көрсөн экскурсия ыытта. Бу сир историятын уонна археологическай хаһыы хайдах ыытылларын кэпсээтэ.
Уопсайа хаһыы үлэтин тухары 500-600 араас маллары булбуттар. Холобур, Саха сиригэр саамай эргэ, XVII-XVIII үйэтинээҕи дьиэ акылаадын булбуттар уонна билигин үөрэтэ, көрө сылдьаллар. Ону таһынан биир улахан булуктара — Уһук Илиҥҥэ бастыкы берстяной грамота. Өссө биир улахан булуктарынан фарфортан оҥоһуллубут «чайный сервис» буолар. Бу фарфорга сотору Эрмитажтан үлэһиттэр кэлэннэр экспертиза ыытыахтаахтар.
Хаһыыга 14-17 саастаах оҕолор үлэлииллэр эбит. Кинилэр этэллэринэн үлэлиир усулуобуйалара олус үчүгэй, хамнастаахтар.
Хаһыы алтынньы 15 күнүгэр дылы бүтүөхтээх. Түмүктэннэҕинэ, бу сиргэ улахан элбэх квартиралаах дьиэ тутутуута саҕаланара бэлиэтэнэр.
Сайдам Винокуров, XI кылаас, Балыктаах орто оскуолата
Диодоров Айсен, VII кылаас, Өктөм орто оскуолата