Дьокуускайдааҕы медицина кэллиэһигэр инбэлиит уонна доруобуйатынан хааччахтаах эдэр ыччат ортотугар идэ маастарыстыбатыгар «Абилимпикс-2020» VI Национальнай чемпионат V регионнааҕы талар түһүмэҕэ буолла.
Абилимпикс аан дойдутааҕы коммерческайа суох хамсааһын сыалынан оробуочай идэни киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрии, туһатын, наадалааҕын күрэхтэһии, куонкурус нөҥүө көрдөрүү буолар.
Чемпионат үөрүүлээх аһыллыытын бочуоттаах ыалдьыттарынан СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтин миниистирин солбуйааччы Ньургуна Соколова, судаарыстыбаннай сулууспа, кадр, антикоррупционнай политика уонна наҕараада отделын салайааччыта Вера Аржакова, Профессиональнай үөрэхтээһин сайдыытын институтун дириэктэрэ Иннокентий Оконешников буоллулар.
Чемпионат чэрчитинэн “Психологическая подготовка участников чемпионатов профессионального мастерства” төгүрүк остуол ыытылынна. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Педагогическай институтун профессора, педагогическай наука доктора Мария Михайловна Прокопьева «Теоретические аспекты подготовки конкурсантов к чемпионатам различного уровня» үлэтин билиһиннэрдэ. “Практические приемы и методы подготовки конкурсантов” дакылааты МОиН психологическай-медицинскэй-социальнай арыаллааһын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин педагог-психолога Елена Никитична Семенова иһитиннэрдэ.
Маны таһынан, төгүрүк остуолга СӨ ПОО СПО, ГАУ ДПО «ИРПО» бэрэстэбиитэллэрэ кыттан, устудьуоннары, наставниктары уйулгу өттүнэн күрэхтэһиигэ бэлэмниир туһунан туһалаах кэпсэтии буолла.
Медицина кэллиэһигэр куонкурус маннык компетенцияларынан барда: устудьуоннарга — «Медицинский и социальный уход», «Прикладная эстетика», «Лечебная деятельность», устудьуоннарга уонна испэсэлиистэргэ — «Лабораторный и медицинский анализ». Мантан «Прикладная эстетика», «Лабораторный и медицинский анализ» аан бастаан ыытылыннылар.
“Медицинский лабораторный анализ” хайысхаҕа Медицина кэллиэһиттэн 5 устудьуон кытынна. Кинилэри түөрт эксперт кэтээн көрдө, сыана быста.
«Медицинский и социальный уход» хайысхаҕа Алданнааҕы медицина кэллиэһиттэн икки, Жатайдааҕы техникумуттан биир, Дьокуускайдааҕы медицина кэллиэһиттэн икки устудьуон кытыннылар. Кинилэри Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһатын методист-бырааһа Лена Михайловна Васильева (тутулуга суох эксперт) уонна өссө биэс эксперт сыаналаатылар.
“Прикладная эстетика” хайысхаҕа “Профессиональный уход за лицом”, “Профессиональный уход за телом” модульга күрэхтэһээччилэр билиилэрин тургутустулар. Экспертэр ортолоругар “Виктори- клиник” клиникаттан Л.Н. Валь оҕолор билиилэрин бэрэбиэркэлээтэ.
Чемпионат кыайыылаахтара кулун тутар 5 күнүгэр быһаарыллан, сүүмэрдэммит хамаанда састаабыгар киирэн, чемпионат Национальнай түһүмэҕэр өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскүөхтэрэ.
Медицина кэллиэһигэр ыытыллар күрэхтэһиини «Абилимпикс» өссө атын, «Мультимедийная журналистика», хайысхатын кыттааччылара кэлэн видеоҕа уһулан, хаартыскаҕа түһэрэн, лонгрид оҥорон, дьүүллүүр сүбэ иннигэр көрдөрүөхтээхтэр.
Ааптар: Таисия Алексеева