Төрөөбүт тыл, сурук-бичик уонна билим күнүн көрсө академик Владимир Петрович Ларионовка аналлаах «Киэҥ эйгэҕэ сахалыы саҥарыы сатабыла» сахалыы дебат Дьокуускай куорат Физикэ-тиэхиньикэ лиссиэйигэр буолла. Лиссиэй 8 «А» кылааһын төрөппүттэрэ, кылаас салайааччыта Мария Юрьевна Саввина уонна Национальнай бибилэтиэкэ ааҕыыны чинчийэр научнай институтун үрдүкү научнай үлэһитэ Ангелина Афанасьевна Кузьмина тэрийэн ыыттылар. Дебакка оҕолор уустук тиэмэҕэ сахалыы саҥаралларыгар ыарырҕаппыттарын эттилэр. Ол да буоллар, биирдиилээн үчүгэйдик саҥарар оҕолор баалларын бэлиэтиэххэ наада. Сыала-соруга:
- сахалыы тыл-өс култууратын, сахалыы саҥарыы сатабылын иҥэрии, сиэр-майгы, өй-санаа өттүнэн сайыннарыы;
- ийэ тылынан ааҕыыны көҕүлээһин;
- төрөөбүт дойдуга бэрэниилээх буолууга иитии.
Үс түһүмэҕинэн ыытылынна.
— 1 түһүмэх: В.Ларионов туһунан иһитиннэрии.
— 2 түһүмэх: бэриллибит тиэмэҕэ тыл этии.
— 3 түһүмэх:_сахалыы дебат.
ТҮМҮГЭ:
🔸Добун сурук I үрдэлэ — 8 «А» кылаас
🔸Добун сурук II үрдэлэ — 9 «Б» кылаас
🔸Добун сурук III үрдэлэ — 9 «А» кылаас
🔸 Анал аат «Этигэн тыллаах этээччилэр» — 7 «А» кылаас
🔸 Анал аат «Кэскиллээх этээччилэр» — 8 «Б» кылаас
🔸 Анал аат «Ыллыктаах тыллаах этээччилэр» — 7 «Б» кылаас
🔸 Анал аат «Итэҕэтиилээх тыллаах этээччилэр» — 7 «В» кылаас.
Капитонова Кира, 8 «А» кылаас үөрэнээччитэ:
«Бу конкурс олус интэриэhинэй этэ, сахабыт тыла сайдыытыгар олус көмөлөөх. Утарсааччы хамаанда күүстээх этилэр. Биhиги оскуолабытыгар маннык конкурсу ыыта иликтэрэ, онон наһаа долгуйбуппут, күүскэ бэлэмнэммиппит».
Соловьева Июлиана, 7 “Б” кылаас үөрэнээччитэ:
«Өр бэлэмнэмиппит. Дебакка талбыттарыгар соһуйбутум аҕай долгуйан ылбытым, аан бастакытын сахалыы кыттабын. Бу тэрээһини наһаа сөбүлээтим, элбөх саҥаны биллим, өссө да ыытыллара эбитэ буоллар кыттыам этэ».
Петрова Лилиана, Ноговицына Алена, Никонов Айсаар 7 «В» кылаас үөрэнээччилэрэ:
«Бу маннык күрэскэ бастакыбытын кытынныбыт. Кыттаҕыт диэбиттэригэр наһаа да соһуйбуппут. Күрэс бэйэтэ интэриэһинэй этэ. Өссө кыттыа этибит. Санааны сааһылаан, толкуйдуу охсон сахалыы этэ үөрэнэргэ олус үчүгэй күрэс эбит».
Тодышев Саша, 7 «А» кылаас үөрэнээччитэ:
«Күрэхтэһии сайыннарар. Оскуолабыт саха тылын сайыннарыга улахан хамсааһыны оҥордо. Саамай ыарахана бэлэмнэнии уонна көҥүл тиэмэни тута талан хоруйдааһын буолар. Толкуйдаан санаабытын эттибит. Мин санаабар, итинник күрэхтэһии оскуолабытыгар баар буолуохтаах».
Матаннанов Айсен, 9 «Б» кылаас үөрэнээччитэ:
«Мин санаабар, тыҥааһыннаах киирсии буолан ааста. Итинник араатардар күрэхтэрин хас биирдии оскуолаҕа тэрийиэххэ наада дии саныыбын, Тоҕо диэтэххэ, биһиги билигин аныгы үйэбитигэр Саха сиригэр сахалыы саҥарар оҕолор аҕыйаатар аҕыйаан иһэллэр. Бу күрэхтэһии оҕолору сахалыы ыраастык саҥарарга үөрэтэр. Хас биирдии түһүмэх бэйэтэ ыараханнаах этэ. Ыарырҕаппытым. Дебат диэни бастакыбын көрүстүм уонна уустук эбит дии санаатым. Киһи сыанаҕа дьон иннигэр тахсан долгуйар аҕай эбит. Тылыҥ аҕыйаан хаалар, бытаан баҕайытык толкуйдуур буолан хаалаҕын. Үчүгэйдик бэлэмнэммиппит эбитэ буоллар бастакы миэстэни ылыа эбиппит. Быырпаҕынан уонна алаадьынан күндүлээбиттэрин астыммытым».
Бары кыттыбыт оҕолорго, кылаас салайааччыларыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Төрөөбүт тылбытын үөрэтиэх, сахалыы ыраастык саҥарыах!
Ангелина Кузьмина, филологическай наука кандидата