Убаастабыллаах күндү учууталбыт Ольга Прокопьевна!
Биһиги, Дьокуускай куорат 17 №-дээх оскуолатын 4 «В» кылаас үөрэнээччилэрэ уонна төрөппүттэрэ, эйигин Учуутал күнүнэн ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит!
Учуутал диэн урут-уруккуттан билиини-көрүүнү биэрэр, ааҕарга-суруйарга, бэйэ-бэйэни кыра эрдэхтэн убаастыырга, өйдөһөргө-өйөһөргө, сырдыкка-кэрэҕэ дьулуһарга үөрэтэр бастыҥ киһи буолар.
Ол курдук, төһө да билигин ыарахан кэм турдар, эһиги бэйэҕит кыаххытынан, төһө кыалларынан элбэх саҥа матырыйааллары көрдөрөҕүт, толкуйдуурга, бөлөҕүнэн, хамаанданан үлэлииргэ үөрэтэҕит. Араас интэриэһинэй практическэй сорудахтары биэрэн, оҕолорбут интэриэстэрин өрө тардан биэрэҕит. Интернет ситимин туттан Якласс, Яндекс Учебник платформаларга сатаан туттарга үөрэтэҕит, үрдүкү кылааска тахсан үөрэнэрбитин чэпчэтэн биэрэҕит. Онон оҕолорбут бу дьиэттэн олорон дистанционнай үөрэх кэмигэр араас күрэхтэргэ кыттан, ситиһиилэрэ элбэх.
Биһиги Учууталбытыгар муҥура суох Махталбыт улахан. Оҕолорбут бэйэлэрэ сайдан иһэллэр, биир сиргэ олорботтор.
Махтал буоллун, Учууталбытыгар!