Оҕолоор, Дьокуускай куорат 12 №-дээх оскуолатын VI “Б” кылааһын үөрэнээччилэрэ “Кэскил” хаһыаттыын доҕордоспуттара, доҕор-атас оҥостубуттара хаһыс да сыллара. Кылаас үгүс оҕото суруйтарбыт буолан, хаһыат туһунан элбэҕи билэллэр.
Соторутааҕыта кинилэр оҕолуу мичээри бэлэхтиир үгүс сонуннаах “Кэскил” хаһыат туһунан ис-киирбэх тыллардаах үтүө хоһооннору анаабыттарын эн болҕомтоҕор таһаарбыт.
Долгуйа күүтэбит…
Элбэххэ үөрэтэр балаһалаах,
Сэргэх кэпсээннэрдээх,
Көрүдүөс таабырыннардаах,
Үөрэххэ олус туһалаах
“Кэскил” хаһыаппытын
Өрүү да долгуйа күүтэбит.
Тимур Мучин.
Ааҕыы билиигэ тиэрдэр
Кэскил төрдө – билии,
Билии төрдө – ааҕыы:
Төһөнөн элбэҕи ааҕаҕын,
Соччонон билиилээх буолаҕын.
Даша Иванова.
Олоххо тардыһабыт
“Кэскил” баар буолан биһиги
Саҥаны, сонуну билэбит,
“Кэскиллиин” доҕордоох буоламмыт
Өрүү дьоһун кэпсээннээх буолабыт.
Хаһыаппыт баар буолан биһиги
Үөрүүбүтүн үөрэ үллэстэбит,
Кини баарыттан үөрэбит-көтөбүт,
Олоххо тардыһа үүнэбит.
Эрсан Мордовской.
Кимиэхэ да биэрбэппин!
Мин сөбүлүүр хаһыатым –
Кэскиллээх “Кэскилим”! –
Мэлдьи сойбот сонуннаах,
“Дьулус”, “Байанай” балаһалаах,
“Дьиктилээхэй дьүрүскэннээх”,
“Чаҕылыс”, “Эрчим” сыһыарыылаах,
Оҕо уйулҕатын хамсатар аналлаах
Интэриэһинэй кэпсээннэрдээх
Хаһыаппын кимиэхэ да биэрбэппин,
Кини – күүтүүлээх ыалдьыппыт.
Эрсан Татаринов.
Ыалдьыт күндүтэ – “Кэскил”
“Кэскил”, “Кэскилим”!
Көргүн-наргын, кэпсээҥҥин,
Киһи кыттыах күрэҕин,
Иэйиилээх хоһоонноргун,
Олоххо туһалаах сүбэҕин
Мэлдьи миэхэ кэһиилэнэн
Киирэн кэлэҕин мин дьиэбэр.
“Кэскил”, “Кэскилим”!
Күүтүүлээх күндү доҕорум,
Сылтан сыл тупсан, киэркэйэн
Сайда тур, тапталлаах хаһыатым!
Андрей Торговкин.
Кэрэҕэ, үтүөҕэ сирдиир
Оҕоҕо анаммыт хаһыаппыт,
Элбэх даҕаны сонуннааххын,
Үгүс элбэх кэһиилээххин,
Үөрүү-көтүү аргыстааххын.
Улуус, куорат оҕолоро
Куруук эйигин күүтэллэр –
Сонун-нуомас үллэстээри,
Кэпсээҥҥиттэн ааҕа түһээри.
Хаһыаты ааҕар үчүгэй:
Үтүөҕэ эрэ кынаттыыр,
Сүрэхпитин манньытар,
Санаабытын көнньүөрдэр,
Кэрэҕэ, үтүөҕэ сирдиир!
Слава Колесов.