Биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) саҕаланара ыйтан ордук эрэ хаалла. IX-XI кылаас үөрэнээччилэрэ күн ахсын бэлэмнэнэллэр, долгуйаллар. Ити тыҥаан кэлэр күннэртэн инники олоҕуҥ быһаччы тутулуктаах. Оскуолаҕа үөрэппит туох баар билиигин, сатабылгын, өйгүн-санааҕын сааһылаан, сөптөөх эппиэт талар түгэниҥ чугаһаатар чугаһаата.
Эксээмэҥҥэ хайдах бэлэмнэнэбитий? Тиэмэни, быраабылалары түргэнник өйдүүргэ туох албастар баалларый? Бу туһунан Дьокуускай куорат 17 №-дээх орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччилэрэ кэпсээтилэр.
Сергей Кузнецов:
— Эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэргэ репетитор олус туһалыыр дии саныыбын. Хомойуох иһин, БКЭ сорох сорудахтара оскуола бырагырааматын кытта сөп түбэспэт буолуохтарын сөп. Ону репетитор бэркэ быһаарар. Ол эрээри сыанатын киһи барыта уйунар кыаҕа суох. Оччоҕо бэйэҥ бэлэмнэнэргэр тиийэҕин. Кинигэни, хомуурунньуктары аахпат оҕолорго билигин YouTube, Instagram ситимнэригэр олус туһалаах босхо видео уруоктар бааллар. Билигин хас биирдии киһи төлөпүөннээх, көмпүүтэрдээх. Технология сайдан, онлайн-оскуола бөҕө арылынна. Манна баҕалаах оҕо сайдарыгар элбэх кыах бэриллэр.
Мин бэлэмнэнэрбэр кыратык албаһырабын. Холобур, история, обществознание предметтэригэр сүрдээх үчүгэй ньыма – ассоциация. Историяҕа үөрэтэр ыраахтааҕыларга бэйэҥ хайдах өйдүүргүнэн хос аат биэрэҕин. Холобур, ыраахтааҕы политиката барыта сэрии буоллаҕына, «буойун» диэххэ сөп, эбэтэр барыта реформа олохтонуута буоллаҕына – «реформатор». Маннык хос ааттар өйгө ордук хатаналлар, ону тэҥэ тиэрминнэри эмиэ билиэххэ наада.
БКЭ диэн киһи олоҕун түмүгэ буолбатах. Ол эрээри, онтон инники олоҕуҥ улахан тутулуктаах. Онон кыһаллан, күүстээхтик бэлэмнэниэххэ наада.
Ираида Сивцева:
—Мин нуучча тыла, история уонна обществознание предметтерин туттарабын. Нуучча тылыгар учууталбыт олус үчүгэйдик бэлэмниир, кини уруоктарыгар элбэҕи билэбин. Историяҕа эбии репетитор өҥөтүн туһанабын. Репетиторым барытын дьаарыстаан, киһи өйдүүрүн курдук быһаарар. Саҥа тиэмэни бардахпытына, нөҥүө күн нойосуус үөрэтэн, туттарабын. Эбии «Стармедиа» тэлэбиисэр ханаалыгар Россия историятын туһунан киинэлэри көрөбүн. YouTube ситимигэр «Школа обществознания» диэн ханаал баар, ону көрөн, кэниспиэктиибин. Элбэх БКЭ барыйааннарын булан, күн ахсын толоробун.
Люда Аммосова:
Мин эксээмэннэрбэр бу сыл устата күүстээхтик бэлэмнэнним. «Решу ЕГЭ» сайтыгар киирэн барыйааннары оҥорон, бэйэбин бэрэбиэркэлэнэбин. Билиҥҥи үйэ – интэриниэт үйэтэ. Youtube ситимигэр хас биирдии предмеккэ араас видео, вебинар баар. Оннооҕор МГУ преподавателлэрэ босхо уруок таһаараллар. Оҕо баҕалаах эрэ буолуон наада.
Омук тылын туттарарбар, ангылычаан тыллаах киинэлэри көрөбүн, аудио-кинигэлэри истэбин.
Айта Пухова:
—Эксээмэннэрбэр оскуола таһынан, репетиторы кытта нэдиэлэҕэ иккитэ дьарыктанабын. Мин санаабар, оҕо бэйэтэ ис сүрэҕиттэн кыһаллан дьарыктаннаҕына, элбэҕи ситиһэр. Ол иһин мин күн аайы, төһө кыалларынан, элбэх литератураны, барыйааннары ааҕабын, суоттуубун. Үөрэппит тиэмэлэрбин сотору-сотору хатылыыбын. Ыарахан, өйдөммөт тыллары кыра кумаахыга суруйан, элбэхтэ сылдьар сирбэр ыйыыбын. Оннук гынан, тиэмэбин өйбөр хатыыбын.
Юлия Федорова:
—XI кылаас оҕолоругар саамай эппиэтинэстээх сылбыт. Нуучча тыла, ангылычаан тыла уонна обществознание туттарабын. Бу предметтэри үрдүк баалга туттарыам диэн эрэнэбин. Аангылыйа тылын бэйэм олус интэриэһиргиибин. Омук тылын көннөрү предмет курдук көрбөппүн, бу мин инникибэр чахчы наада диэн сыаллаах үөрэтэбин. Төлөпүөммэр араас сыһыарыылардаахпын, ону таһынан, омуктуу тыллаах киинэлэри көрөбүн. Омук тылын үөрэтиигэ олус кыһаллабын. Инникитин, төрөөбүт тылбын кытта дьүөрэлии туттуом диэн эрэнэбин.
Оскуоланы бүтэрээри сылдьар доҕотторбутугар тулууру, ситиһиини баҕарабыт. Бары эксээмэннэрбитин ситиһиилээхтик туттаран, сөбүлүүр үөрэхпитигэр киириэхпит!
Айыына Трофимова