Дойдуну дьоно киэргэтэр, аатырдар. Киин библиотекаҕа сылдьан «Үөһээ Бүлүү — ийэ тыл биһигэ» диэн истиэндэни сэргии көрдүм. Кырдьык, бу сир элбэх айар куттаах дьон төрөөбүт дойдулара эбит. Кинилэр ааттарын ахтан ылыах.
«Бэлэм буол» хаһыат бастакы эрэдээктэрдэриттэн биирдэстэрэ Никифор Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап; оҕо-аймах таптыыр «Көмүстээх үрүйэтин», улуу «Төлкөнү» суруйбут Николай Якутскай; ырыанньык-бэйиэт Петр Тобуруокап, кини быраата, тыл билимин дуоктара Николай Тобуруокап; «ытыс» саҕа кэпсээн маастара Николай Габышев; бэйиэттэр Семен Руфов, Василий Сивцев; бэйиэт, радио сайдыытыгар кылааттаах, «Геван» биэрии төрүттээччитэ Степан Дадаскинов; учуонай Михаил Алексеев-Дапсы; уопсастыбыннай дьайыксыт, суруйааччы Дмитрий Наумов; саха литературатыгар научнай фантастика жанрыгар аан бастакынан суруйбут Гаврил Угаров курдук Саха сирин дьолугар төрөөн-үөскээн ааспыт үтүө дьоннор бу сиртэн-уоттан силистээхтэр.
Үөһээ Бүлүү айыы сир, айылҕаттан айдарыылаах дьон дойдута, буоларын билэн, итэҕэйэн туран ыһыахтыаҕыҥ, үөрүөҕүҥ-көтүөҕүҥ!
Эльдар Садовников