Төрөөбүт нэһилиэгим түөлбэ тылларын билээри биир үтүө күн эбээлээх эһээбиттэн ыйыталастым.
Толкуйдаабыппыт, түөлбэ тыллара үгүстэрэ сир аһыгар бааллар эбит.
Холобура, кыратыттан улаханыгар диэри саамай билэрбит:
- Чыычаах аһылыга, ол эбэтэр жимолость. Кини минньигэс амтаннаах. Атын сиргэ кинини түүбүктэ диэн ааттыыллар эбит.
- Тураах аһылыга, эмиэ жимолость, ол эрэн атын көрүҥэ. Кини хабаххай, аһыы амтаннаах.
- Киис тиҥилэҕэ (княженика), атыттар ыт тиҥилэҕэ дииллэр.
- Саарба аһылыга, нууччалыы шикша черная. Атын сиргэ кинини киис отоно диэнинэн билэллэр.
- Майааһынньык диэн боярышник, атын сиргэ долохоно дииллэр.
Кустарга-хаастарга киирдэххэ:
- Биһиги тыйаах диэн куһу туойдаах диибит. Нууччалыыта свиязь диэн эбит.
- Моонньоҕон (шилохвост) диибит, хоту улуустар кунньалгы дииллэр үһү.
- Чыркымай (чирок-свистунок) диибит, атын сиргэ чөркөй эҥин дииллэр эбит.
- Судьу (луток) диибит, атын сиргэ билгинэх дииллэр эбит.
Уонна сэмээрин диэн тыл баар. Ол аата улахан булду (эһэни) бултаатахтарына, сүрэҕин, бүөрүн, быарын, иһин кыра гына кырбаан бэйэтин сыатыгар буһараллар. Бу аһынан дьону ыҥыран күндүлүүллэр.
Түөлбэ тыл нэһилиэк уратытын көрдөрөр, тыл саппааһын байытар аналлаах диэн түмүккэ кэллим.
Азиза Копырина, 9 кылаас үөрэнээччитэ «Проба пера» эдкора, Чыамайыкы, Мэҥэ-Хаҥалас.