Дойдуга таптал киһи олорор сирин историятын үөрэтииттэн саҕаланар. Ол курдук, 2023-2024 үөрэх дьылыгар Н.С. Охлопков аатынан улуустааҕы гимназия VII “Б” кылааһын үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта М.П. Уваровская) “Бастакылар хамсааһыннарын” иһинэн үлэлиир “Хранители истории” бырайыакка киирэн, улуус историятын мусуойдартан үөрэтэн саҕалаатылар.
Ол курдук, И.Е. Винокуров аатынан Аппаанытааҕы, М.К. Аммосов аатын сүгэр СӨ Судаарыстыбаннаһын, П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история-этнография, П.С. Шарапов аатынан Никольскайдааҕы сири оҥорор мусуойдарга сырыттылар. Маны таһынан, И.Е. Винокуров туһунан айар сорудахтары толордулар. Сири оҥоруу мусуойугар сылдьан подсолнух олортулар. Оҕолор олордубут подсолнухтара ситтэхтэринэ, аны сайын улуус дьоно сөбүлээн хаартыскаҕа түһүөхтэрэ.
Эһиил бу оҕолор салгыы араас хабааннаах бырайыактарга кыттыахтара, билиилэрэ өссө кэҥээн, дойдуларыгар тапталлара, бэриниилэрэ өссө күүһүрүө, төрөөбүт дойдубут сайдарыгар төһүү күүс буолуохтара диэн эрэнэбит. “Хранители истории” оҕолоро мусуой бары үлэһиттэригэр олус умсугутуулаах кэпсээннэригэр, экскурсияны интэриэһинэйдик толкуйдаан ыыппыттарыгар махтаналлар.
Төрөппүт Анна Ильинична Слепцова, Нам.