Бу дьыл алтынньы 21 күнүгэр Бороҕон нэһилиэгин “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһыгар улуус дьаһалтатын көҕүлээһининэн уонна култуура үлэһиттэрин тэрийиилэринэн “Дойдубут туһугар биир сомоҕо” диэн аахсыйа-кэнсиэр буолла.
Россия үтүөлээх, көрдөрүүлээх “Кэнчээри” кэлэктиибин оҕолоро бука бары кытынныбыт. Тапталлаах Мүрүбүт туһунан ыллаан, үҥкүүлээн көрдөрдүбүт. Улуус нэһилиэктэрин кэлэктииптэрэ бары кэлэн кытыннылар. Нэһилиэктэр олохтоох мелодистарын ырыаларынан үчүгэй кэнсиэри көрдөрдүлэр. Солистар, дуэттар, квартеттар уонна ансаамбыллар ыллаатылар. “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһын кэнсиэртиир саалата көрөөччүнэн толору туолла. Дохсун ытыстарын тыаһынан артыыстары эҕэрдэлээтилэр. Аахсыйа-кэнсиэргэ барыта 100 000 кэриҥэ солкуобай көмө харчы киирдэ. Бу харчы барыта биһиги улууспут аҕа баһылыга Алексей Васильевич Федотов дьаһалынан буойуттар дьиэ кэргэттэригэр көмөҕө анаан бэриллэр.
Онно биһиги бэйэбит кылааппытын киллэрэн, бу норуот сомоҕолоһуутугар кыттыспыппытыттан сүрдээҕин астынныбыт. Улууспут нэһилиэктэрин ырыаларын барытын олохтоох ааптардар айбыттар эбит. Маныаха биһиги салайааччыбыт Василий Степанович Парников — Алампа бириэмийэтин бастакы лауреата, үлэтин таһынан 1978 сылтан “Тойон Мүрү” диэн мелодистар түмсүүлэрин тэрийэн, үтүмэн үлэни ыыппытын түмүгэ көстөр.
Биһиги улууспут талааннаах дьонунан киэҥ туттабыт! Араас элбэх ансаамбыллар кэрэ да куоластаах ырыаһыттарын астына иһиттибит. Ордук аатырбыт Найахы хорун уолаттарын ансаамбылын толоруутун астынным. Бу аахсыйаҕа солистартан Өнөртөн Ион Лукачевскай ыраас, үрдүк куолаһынан дойдутун туһунан ыллаан долгутта. Эдэр мелодист Катя Алексеева-Готовцева иккис дойдутун Танда туһунан толоруутун биһирээтим. Уруккуттан “Кэнчээрилэр” биһиги Аҕа дойдубутугар бэриниилээх буолуу холобурун көрдөрөммүт, патриотическай ырыалары мэлдьи толоро сылдьабыт. Аҕыс сылы быһа “Музыка для всех” бырайыакка өрөспүүбүлүкэҕэ кыайаммыт, быйыл Гран-Прины ылбыппыт. “Дойду сүрүн ырыата” диэн оскуолалар хордарын күрэҕэр мэлдьи кыайан кэллибит. Ол курдук, былырыын, 2021 сылга Гран-При буолбуппут. Быйыл биһиги ортоку бөлөхпүт Гран-При буолбута.
Аахсыйа-кэнсиэр түмүгэр Петр Копырин Россия туһунан ырыатыгар доҕуһуоллатан, биһиги үҥкүүһүттэрбит, хас да кэлэктиип флешмоб оҥорон көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар.
Дойдубут туһугар бары сомоҕолоһорго ыҥырабын!
Лия УШНИЦКАЯ, Россия үтүөлээх, көрдөрүүлээх “Кэнчээри” ансаамбылын эдкора,
Мүрү, Уус Алдан.