Күндү доҕотторум, эһигини бука барыгытын кэлэн иһэр Билии күнүнэн уонна саҥа үөрэх сыла саҕаланыытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Билии күнэ кыратыттан-улаханыгар, эдэриттэн-эмэнигэр тиийэ хас биирдии киһиэхэ сылаас, үтүө өйдөбүлү үөскэтэр. Бу күн – олох киэҥ аартыгар үктэммит киһи оскуолатааҕы умнуллубат сылларын ахтар-саныыр, хас биирдии үөрэнээччи доҕотторун кытта көрсүһэн онньуур-көрүлүүр, үөрэх, билии киэҥ аартыгар үктэнэр бастакы кылааска киирэр кырачаан оҕо саҥаны билээри-көрөөрү, саҥа саҕахтары арыйаары долгуйар истиҥ санааны бэлэхтиир дьоро түгэн.
Быйыл хас биирдии оскуолаҕа үөрүүлээх линейкэ биһиги дойдубут үгүс омуктаах норуотун сомоҕо күүһүн бэлиэтиир Россия Федерациятын судаарыстыбаннай былааҕын көтөҕүүттэн уонна дойдубут судаарыстыбаннай гиимин толорууттан саҕаланар.
Ытыктабыллаах учууталлар уонна педагогтар!
Россия Федерациятын Президенэ Владимир Путин, Россия педагогикатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ Константин Дмитриевич Ушинскай төрөөбүтэ 200 сылыгар учуутал идэтэ сүҥкэн суолталааҕын чорбото бэлиэтээн туран, 2023 сылы Учуутал уонна настаабынньык сылынан биллэрдэ.
Саҥа үөрэх сылыгар оскуола үөрэнээччилэрин, учууталлары уонна төрөппүттэри үгүс уларыйыылар күүтэллэр, ол курдук ФГОС үһүс түһүмэҕэ үлэҕэ киирэн, алын уонна сүрүн уопсай үөрэх тиһигэр биллэр уларыйыылар баар буолуохтара, история предметигэр ордук болҕомто ууруллар буолуоҕа. Маны таһынан оҕону личность быһыытынан иитэри кытта ситимнээх саҥа предметтэр киириэхтэрэ.
Биһиги бука бары дойдубут үөрэҕин тиһигэ бүтүн аан дойду үрдүнэн бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьарын ситиһэргэ дьулуһуох тустаахпыт.
Биһиги эдэр көлүөнэбит билиитин-көрүүтүн, үөрэҕин-иитиитин таһымынан, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх санаатынан аҕа көлүөнэ аатын ааттата турдуҥ! Күндү доҕоттор, саҥа саҕахтары арыйаргытыгар, дириҥ билиини ыларгытыгар, үөрэххэ, искусствоҕа, спортка үрдүк ситиһиилэнэргитигэр ис сүрэхпиттэн баҕа санаабын тиэрдэбин! Билии күнүнэн!
Феодосия Васильевна ГАБЫШЕВА, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бар дьонун дьокутаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, педагогическай наука дуоктара, профессор.