Биир ылааҥы күн “Ɵбүгэлэрбит өтөхтөрүнэн” маршрутунан, оһон эрэр эргэ ыллык суолу бата, айаҥҥа туруммуппут. Бу айаммытын Экология сылын чэрчитинэн уонна Самсоновтар педагогическай династияларын төрүттээччи Никита Афанасьевич Самсонов төрөөбүтэ 155, Парфений Никитич Самсонов төрөөбүтэ 120 сылларыгар анаабыппыт.
Айаммытыгар 11 оҕо уонна 5 улахан киһи сылдьыспыта. Аркадий Петровичпыт биһигини бэйэтин тыраахтарыгар олордон илдьибитэ. Олохтоох землеустроитель Николай Николаевич уонна Степан Афанасьевич сирдьитинэн барсыбыттара. Айаммыт эриирдээх-мускуурдаах этэ. Сорох сирдэргэ сатыылаан да ылбыппыт. Таарыччы оһон эрэр суолу ыраастаабыппыт. Сылдьыбыт өтөхпүт аайы Мария Васильевна уонна Ксения Егоровна кимнээх олорбуттарын туһунан кэпсээн испиттэрэ олус интэриэһинэй.
Учууталлар династияларын өтөхтөрө
Бастаан Күүкэйгэ оскуоланы олохтообут Никита Афанасьевич Самсонов олорбут Куруҥнаах өтөҕөр кэлбиппит. Тиийээт даҕаны, Мария Васильевна сирбитин алаадьынан аһатан алҕаабыта, Үрдүк Айыылартан көрдөспүтэ. Самсонов Никита Афанасьевич Күүкэй нэһилиэгин ыстаарыстата эбит. Үөрэх-сырдык тарҕанарын туһугар олоҕун анаабыт. 1920 сыллаахха Самсонов оҕонньор бу өтөҕүн дьиэтин биэрэн, манна оччолорго 32 оҕо үөрэнэр дьолломмут. Бу ытык сир – Надежда Евменьевна уонна Парфений Никитич Самсоновтар төрүттээбит учууталлар династияларын биһигэ. Манна үс көлүөнэ Самсоновтар төрөөн-ууһаан олорбуттар.
Ѳтөҕү кэрийэ сылдьан, кыһыл кирпииччэлэри булбуппут. Оччолорго кинилэр дьиэлэрэ эрэ оһохтооҕо үһү. Ѳссө эргэрэ быһыытыйбыт ынах муоһун булбуппут, мэктиэтигэр мастыйбыт этэ. Бу булумньулар барыта манна сэниэтик, кыахтаахтык олорбуттарын туоһулууллар. Экспонат быһыытынан ону барытын мусуойбутугар илдьэ кэлбиппит.
Олоодолор олохторо
Иккис өтөхпүт – Марковтар өтөхтөрө. Кинилэр күөх луугу, эриэппэни үүннэрэ сылдьыбыттар.
Ыстапаан Марков-Олоодо уола Иннокентий Степанович Марков 1942 с. сэриигэ барбыт. 1943 сыллаахха Москва анныгар Кунцево госпитальга өлбүт. Кини кыыһа Анфиса Иннокентьевна – СӨ үтүөлээх учуутала, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна. Уола Валерий Марков инженер-мэхээнньик, технадзор полковнига, Россия бочуоттаах технадзор-инспектора. Элбэх үөрэхтээх ыччаттардаах эбиттэр.
Чөрбөлөр ытык сирдэрэ
Үһүс өтөхпүт – Чөрбө өтөҕө. Бу өтөх Татыйыына аҥылаҕар турар. Манна Сергеев Филипп олорбут. Кини мин хос эһэм буолар. Дьон кэпсииринэн, олус көхтөөх, көрдөөх оҕонньор эбитэ үһү. Сайын аайы сиилэһи баһылаан-көһүлээн симтэрэр, ол тэҥинэн оҕолору харах симсэ оонньоторун олус сөбүлүүрэ үһү. Кини уола Александров Прокопий Филиппович – педагогическай үлэ бэтэрээнэ, «Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайына.
Ньылаабыстарга
Салгыы айаннаан иһэн, сөбүлүү көрбүт сирбитигэр “Айылҕаны таптаа!” диэн бэлиэ былакааты иилэ-иилэ барбыппыт. Суолбут куһаҕан, сорох сирдэринэн бадарааннаах да буоллар, Ньылаабыстар өтөхтөрүн этэҥҥэ булбуппут. Манна Ирина Алексеевна уонна Егор Афанасьевич Львовтар уонна Күүкэй “Большевик” холкуоһун олохтоохторо олорбуттар. Кинилэр улахан уоллара Василий Егорович 1942 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллыбыт. 1943 с. Сталинград аннынааҕы кыргыһыыга өлбүт. Кини 4 оҕото нэһилиэк ытык дьоно буолбуттара.
Оттон быраата Прокопий Егорович Львов сулууспатын Япония кыраныыссатыттан саҕалаабыт. Ленинградскай фроҥҥа морской пехотаҕа пулеметчигынан сылдьыбыт.
Прокопий Егорович 1953 сыллаахха, үчүгэй үлэтин иһин, Москваҕа ВДНХ-ҕа баран кэлбит. Ол сылдьар кэмигэр Москва куорат олохтоохторо улахан уочарат кэмигэр киниэхэ суолу силэйэн, суолу арыйан биэрэллэр эбит. Ити олохтоохтор кини түөһүгэр иилиллэ сылдьар “За оборону Ленинграда” мэтээли көрөн махтаммыттар.
Түмүк сирбит
Айаммыт тиһэх өтөҕө – Толоон. Бу улахан сыһыыны тула элбэх ыал олорбут. Өтөхтөрүн онно билигин да баар. Олохтоохтортон биирдэстэрэ – Потап Федорович Федоров, маска удьуор уус. Кини уолаттара Николай, Степан уонна Григорий Аҕа дойду сэриититтэн эргиллибэтэхтэр. Улахан уол Николайтан кыргыттар хаалан, удьуор утума салгыы тарҕаммыт. Төрдүс уол Матвей 1946 сыллаахха эргиллибит.
Сылдьыбыт хас биирдии өтөхпүт аайы өйдөбүл бэлиэни хаалларбыппыт. Элбэҕи эбии биллибит-көрдүбүт. Инникитин даҕаны бу бырайыагынан үлэлиир, сылдьар былаан элбэх.
Джульетта
ГЕРАСИМОВА,
Х кылаас,
“Кустук” пресс-киин.
Күүкэй,
Сунтаар.