Муус устар 11 күнүгэр 14 корреспондент оҕо өрөспүүбүлүкэбитигэр оҕо саас сылын чэрчитинэн тэриллибит экскурцияҕа бара сырыттыбыт. Сокровищница Якутии экспозиционнай саалатыгар Михаил Ефимович Николаев аатынан ааттаммыт алмаас тааһы көрдүбүт, кини ыйааһына – 78,51 карат буолар. Ол таһынан өссө да элбэх эҥин араас Саха Сирин баайын көрдүбүт, иһиттибит.
Саамай сэргии көрбүт тааһым – Чароит буолар. Бу тааһы Прибайкальеҕа баар Чара үрэхтэн аан маҥнайгытын булбуттар. Ол иһин аата Чароит дэммит эбит. Алмаас өҥө атын-атын буолар эбит- халлаан күөх, араҕас, от күөх, үрүҥ, саһархай уонна да араас, дэлэй өҥнөөх буолар. Кыһыл көмүс эмиэ атын-атын размердаах, формалаах. Ону бэйэлэрэ туохха эрэ маарыҥнатан ааттыыллар эбит, холобур: «черепаха», «спящая уточка», «мамонтенок», «бабочка», «голова гуся». Ити формалары киһи илиитэ буолбакка, айылҕа бэйэтэ оҥорон таһаарбыт.
Николаев Киинигэр бэрт дьоһуннаах экскурция буолан ааста. Михаил Ефимович Николаев тус олоҕун, үлэтин, дьарыгын туһунан барытын кэпсээтилэр, үгүһү эбии биллибит. Саха Сиригэр элбэх үтүөнү оҥорбут киһи буолар. Экскурция бүтүүтэ дьоһуннаах оонньуу ыыппыттара, кинигэ бэлэх ууммуттара.
Ити курдук бүгүҥҥү күн олус туһалаахтык, умнуллубаттык ааста диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын.
Дайаана Гаврильева, 10 гуманитарнай кылаас
Өрөспүүбүлүкэбитигэр оҕо саас сылын чэрчитинэн үп-харчы министиэристибэтэ Николай Егорович Мординов — Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын эдкордарыгар «Сокровищница Якутии» уонна «Николаев киин» дьиэлэригэр тэрийбит экскурсиятыттан саҥаны билэн-көрөн кэллибит.
Михаил Ефимович Николаев Саха сирин аан маҥнайгы президена буолар. Кини үлэлиир кэмигэр Сахабыт сирэ суверенитет ыллыммыта, бэйэтэ конституцияламмыта. Ол күүстээх үлэ түмүгэр биһиги дойдубут хостонор баайа, кыыла-сүөлэ, ото-маһа, сирэ-дойдута саха норуотун бас билиитэ буолара биһэриллибитэ. Онтон ыла өрөспүүбүлүкэбит сайдан барбыта: оҕо сайдар киинэ, оскуолалар, балыыһалар, университеттар арыллыбыттара.
Бу экскурсияҕа президент Михаил Николаев аата иҥэриллибит саҥа улахан алмааһы көрдүбүт.
Онтон Хаҥалас улууһугар «Николаев киинэ» диэн Саха сирин бастакы президенын музейыгар олоҕун олуктарын, үлэлии сылдьыбыт кэмин туһунан биллибит, иһиттибит. Улуу киһибит төрөөбүт дойдута сайдарын туһугар култуура, духуобунас, үөрэх, экономика өттүгэр улахан кылааттаах. Экскурсия туһунан оҕолор санааларын туоһуластым.
«Мин эрдэ алмаастар уонна саха сирин бастакы президенин туһунан наһаа билбэт этим. Экскурсия олус интириэһинэйдик ааста, элбэҕи биллим, манна ылбыт билиим өссө туһалыа дии саныыбын»
Уруйдаан Павлов, 8 кылаас, Хатас орто оскуолата
«Михаил Ефимович уонна көмүстэр тустарынан саҥаны биллим. Саамай «Николаев-киинин» сэҥээрэн көрдүм. Бу сырыы миэхэ элбэх туһаны биэрдэ, аны хаһан эмэ бастакы президен туһунан күрэх буоллаҕына, миэстэлэһэрим буолуо.»
Лейла Мустафаева, 8 «В» кылаас, 31 оскуола.
Бачча дьоһун сырыы хас биирдиибитигэр билии, билсиһии бөҕөнү биэрдэ. Түгэнинэн туһанан өрөспүүбүлүкэбит үп-харчы министиэристибэтигэр махталбытын тиэрдэбит.
Илона РУФОВА, 10 гуманитарнай кылаас,
Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт