— Оҕолоор, бүгүҥҥү биһиги уруокпут тиэмэтэ «Доброта». Маны ким хайдах саныырый, өйдүүрүй?
Үөрэнээччилэр, 4-с «А» кылаастар, маҥнай утаа тохтоон толкуйдуу түһээт илиилэрэ күп-күөрэҥнэс буолла.
Дьиктитэ диэн оҕолорго араас санаа баар, ону бу видеоҕа истэҕит.
Учуутал уруогун салгыы ыытар, бу предмет аата «Основы светской этики» диэн. Дьиҥэр, манна сахатытыы эмиэ барыан сөптөөҕө, саха култуурата, сиэрэ-быһыыта, майгыта уонна үөрэҕэ үөрэтиллиэн сөп.
— Мин кырачаан доҕотторум (оҕону доҕор оҥостуохха наада, ол таһымыгар кэпсэттэххэ, ордук чугасыһаҕын), Доброта диэн сиэрдээх үтүө быһыы, амарах санаа, тулалыыр эйгэҕэ уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө быһыы буолар, уруок салгыы салҕанар.
Бу уруогу мин уол уонна кыыс уратыларын учуоттаан туран тус-туспа тутан үөрэттим, салгыҥҥа, таһырдьа тахсан. Атын уруоктары кытта тэҥнээтэххэ, бэрт сэргэхтик ааста диэн бэйэм да испэр үөрдүм. Саха оҕото айылҕаҕа чугаһынан уратылаах буолан, туһааннаах информацияны тутатына ылара түргэн буолар. Оҕолорум чуопчааран бу тиэмэни ырытыһан «ыйыстан» кэбистилэр. Салгыы гимназиябыт 2017 сылын выпускниктара бэлэхтээбит Хомус туруорууга кэллибит, үтүө дьыала диэн бу бэлэххэ сыһыары тутан кэпсиибин. Истэллэр, ылыналлар.
— Чэ, оҕолоор, дьиэтээҕи сорудахха маннык, аһыныгас буолууну эһиги хайдах өйдүүргүтүн уруһуйдаан кэлэҕит.
Учууталы солбуйбут Татьяна Жиркова, этнопедагог,
«Олох үөрэҕэ» норуот педагогикатын киинин салайааччыта,
Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия.