Бүгүн Дьулуур Говоров туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Дьулуур 6 саастаах, Чурапчы улууһун Сылаҥ нэһилиэгин «Сулусчаан» оҕо саадын, бэлэмнэнии бөлөх иитиллээччитэ. Бииргэ төрөөбүт бэһиэлэр, кини соҕотох уол. Ол иһин, кыра эрдэҕиттэн олус боччумнаах, дьаһаллаах, дьулуурдаах. Эһээтин кытта балыктыырын, аҕатын кытта айылҕаҕа, куска, от үлэтигэр сылдьарын олус сөбүлүүр. Уол оҕо буолан массыынанан оонньуурун астынар, легголары хомуйан өйүн сайыннарар. Оҕо саада ыытар тэрээһиннэригэр барытыгар көхтөөхтүк кыттар. Биир ураты дьарыга хоһоон ааҕыыта. Араас куонкурустарга көтүппэккэ кытта сатыыр. Саамай сөбүлээн саха норуодунай суруйааччыта Петр Тобуруокап хоһооннорун ааҕарын сөбүлүүр. Хоһоону аҕыйахта аахта да өйүгэр хатыыр дьоҕурдаах.
Дьулуур ийэтэ Айыына Говорова маннык үллэстэр:
– Дьулуур 1,5 сааһыттан олус чуолкайдык саҥарар этэ. Ол иһин иитээччилэрбит хоһоон аахтараллара. Онтон ыла куруук хоһоон үөрэтэбит, ааҕабыт. Бэйэтэ да олус сөбүлүүр. Оруолугар киирэ-киирэ ааҕааччы. Мин санаабар, оҕо баҕатынан үөрэтэрэ ордук. Оннукка түргэнник ылынар. Дьулуур дьиэтигэр кэллэ да, хоһоонун үөрэтээри эккирэтэ сылдьааччы. Түгэни мүччү туппакка үөрэтэн иһэрим. Төрөппүттэр сүрэҕэлдьээбэккэ оҕо инник эккирэтэр кэмин куоттарымыахха наада. Оҕо хоһоону үөрэттэҕинэ тыла, өйө сүрдээҕин сайдар. Уус-уран айымньы, хоһоон кыра оҕо билиитэ-көрүүтэ кэҥииригэр, тулалыыр эйгэни кытта билсэригэр, сиэр-майгы сыаннастарын, норуот муудараһын иҥэриигэ биир ураты ньыма дии саныыбын.
Оҕо дьоҕурун кыра сааһыттан өйдүү, билэ улаатара төрөппүттэн, иитээччиттэн уонна оҕоттон бэйэтиттэн олус тутулуктаах эбит. Ол иһин оҕо баҕарар кэмин куоттарымыахха. Дьоҕурдаах уол Дьулуур курдук сахалыы хоһооннору, остуоруйалары куруук доҕор оҥостуохха.
Нюргуяна Захарова