Бүгүн, тохсунньу 16 күнүгэр, оскуолабытыгар кэтэхтэн да буоллар, «Ленинград блокадата» диэн тиэмэҕэ таһынан дьарыктар буоллулар. Онуоха «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата саҥа бырайыак быһыытынан эрэгийиэннээҕи «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» диэн матырыйааллара төһүү күүс буоллулар.
Бу дьарыкка Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Ленинград блокадатын ыар кэмнэригэр хорсун санаалаах оҕолор, улахан дьон Ийэ дойдуларын туһугар холобур буолар быһыыларын билистибит, эбии билиибитин хаҥаттыбыт.
Бу тиэмэ хас биирдии киһиэхэ дириҥ суолталаах. Бүгүн биһиги, оҕолор, Аҕа дойду сэриитин кэмигэр героизм уонна патриотизм өйдөбүллэрин туһунан өссө төгүл толкуйдаан ыллыбыт. «Олох туһугар хорсун быһыы диэн тугуй?» диэн ыйытыыга эппиэттээтибит, санаабытын үллэһиннибит.
Сандаара Софронеева: — Ленинград блокадата 872 күн буолбут. Хас күн аайы улахан киһи да, оҕо да, аччыктаан өлөллөрө биллэр. Аччыктаан өлөр, саамай куһаҕан дии саныыбын. Хас күн аайы дьон дьиэтигэр бомба түһэн, элбэх киһи суох буолбут. Ленинград блокадатыгар киһи тыыннаах хаалаары, элбэххэ барара.
Левина Виолетта: — Бу уруогу ааҕаммын, көрөммүн биири санаатым. Урукку сылларга дьон-сэргэ олус да ыараханнык олорбуттар эбит, ас тиийбэт, таҥастара суох, ол быыһыгар тымныы. Билигин биһиги аныгы оҕолор олус да дьоллоох, үчүгэй олоххо олорор эбиппит. Ону сыаналыах эрэ тустаахпыт.
Марина Завгородняя: — Ленинград блокадата элбэх киһи олоҕун ыарахан турукка киллэрбиттэрэ. Дьон бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөр буолбуттар, куораттан ас кэлбэт буолбут. Ыарахан бириэмэҕэ олорбуттар, үлэһиттэргэ, оҕолорго аҕыйах грамм килиэп биэрэллэрин санаан, хомойон ыллым.
Онон Ленинград блокадата сэбиэскэй норуот хорсун быһыытын, фашист өстөөҕүн утары охсуһуутун холобурунан буолар. Судаарыстыба историятын кэрдиис кэмин устата буолбут суолталаах түгэннэри ыччат өйүгэр-санаатыгар сороҕор да буоллар иҥмитэ, Ийэ дойдуларыгар таптал күүһүрбүтэ буолуо диэн эрэнэ хаалабыт.
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.