Алтынньы 21 күнүгэр «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» дьарыкка оҕолор төрүччүлэрин туһунан кэпсэттилэр. Дьарык тиэмэтэ «Мин төрдүм-ууһум – мин тирэнэр тирэҕим» диэн. Дьарык туһунан оскуолабыт үөрэнээччилэриттэн интервью ыллыбыт.
***
Сайаана Максимова, III кылаас:
– «Дьоһуннааҕы кэпсэтиигэ» Төрүччү туһунан үөрэттибит. Мин аймахтар ааттарын үчүгэйдик билбэт эбиппин. Бадьа, биллэх, кылын диэн тыллары биллим. Дьарыгы сөбүлээтим, уруһуйдаатыбыт. Бу дьарык кэнниттэн Каракаан диэн аҕа ууһуттан төрүттээхпитин өйдөөтүм. Салҕыы өссө да үөрэтиэхпит. Учууталбыт биһиэхэ Төрүччү тылдьытын бэлэхтээтэ. Наһаа үөрдүм.
Виталий НИКОЛАЕВ, VI кылаас, Чакыр орто оскуолата, Амма
***
Анна Анастасовна Павлова, алын кылаас учуутала:
– Алтынньы 21 күнүнээҕи «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» Төрүччү туһунан буолла. Бу тиэмэни оҕолор саҥардыы истэр буолбатахтар. «Өбүгэ үгэһэ» диэн уруокка үөрэтэн ааспыппыт. Онон кыратык бэлэмнээх курдук этибит. Ылбыт, иҥэриммит билиилэрин өссө чиҥэтэн, Төрүччү тиэмэтэ «Дьоһуннааҕы кэпсэтиигэ» киирбитэ олус үчүгэй. Учууталга көмөлөөх.
Оҕолор кыралара бэрт буолан, билбэт тыллара элбэх. Холобур, бадьа, кылын. Дьарыкка бэриллибит тылдьыкка олоҕуран, кыра тылдьыт оҥорон бэчээттээн биэрдим. Инникитин үөрэтэллэрин гына. Олоҕу кытта сибээстээн, билэр оҕолорум аҕа уустарын туһунан кэпсээтим. Оҕолор сүрдээҕин сэҥээрдилэр.
Арсен ШЕПЕЛЕВ, VI кылаас, Чакыр орто оскуолата, Амма
***
Мария Александровна Кириллина, биология учуутала:
– Мин төрдүм-ууһум — мин бигэ тирэҕим диэн тиэмэҕэ кэпсэтибит. Уруокпут сыала утуммут, дьиэ кэргэммит ситимнээҕин иҥэрии буолар. Оҕолор төрүччүлэрин, төрүччү тылдьытын үөрэттибит.
Бу уруокка төрүччү тылдьытынан күрэх оҥорбуттарын сөбүлээтим. Оҕолор төрүппүттэрин кытта оҥороллор эбит. Биһиги төрүччүбүтүн, аймахтарбытын умнуо суохтаахпыт.
Айгылаана ПЕТРОВА, VI кылаас, Чакыр орто оскуолата, Амма
Дьулустаан Кириллин, Х кылаас:
– Дьиэ кэргэн төрүччүтүн туһунан кэпсэттибит. Аймахха сыһыаннаах саҥа тыллары биллим. Саамай өйдөөн хаалбытым диэн биһиги бары төрүттээх-уустаах дьоммут, төрүччүбүтүн кытта ыкса ситимнээхпит.
Дайаана СОЛОВЬЕВА, VI кылаас, Чакыр орто оскуолата, Амма