Саҥа үөрэх дьылыгар Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» кылаас чаастарын сахалыы тылынан оҥорон, бэлэмниир үлэтин салгыыр.
Быйылгы уратыбыт – «Өксөкүлээх үөрэҕин» олоххо киллэрии буолуоҕа. Бу кэнсиэпсийэ бырагыраамата Таатта улууһун М.Н. Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатыгар оҥоһуллубута. Ону өссө чочуйан, ситэрэн, «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» федеральнай уруок киэбигэр сөп гына оҥорон биэрдибит.
«Өксөкүлээх үөрэҕэр» барыта 24 уруок баар буолуоҕа. Биир ыйга «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» икки бэнидиэнньигэ «Өксөкүлээх үөрэҕэр» ананыаҕа.
Бу үлэ халлаантан түһэн кэлбэтэҕэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев 2023-2027 сыллары Өксөкүлээх биэс сылынан биллэрбитэ. Онно тирэҕирэн, улуу киһибит өйүн-санаатын күүһүн, кыаҕын, төрөөбүт дойдутугар, норуотугар тапталын оҕону иитиигэ сүрүн хайысха быһыытынан туһанабыт.
«Өксөкүлээх үөрэҕэ» кэнсиэпсийэ ааптара, педагог, педагогическай наука кандидата Екатерина Петровна Чехордуна учууталларга, үөрэх салаатын үлэһиттэригэр туһаайан этиитин ааҕыаххайыҥ, истиэххэйиҥ.
«Өксөкүлээх үөрэҕэ» кэнсиэпсийэ ааптара педагог, педагогическай наука кандидата Екатерина Петровна Чехордуна учууталларга, үөрэх салаатын үлэһиттэригэр туһаайан этиитэ:
2023-2024 үөрэх дьыла саҕаланаары турарынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Ааспыт үөрэх дьылыгар саҕаламмыт үлэбитин салгыы кэҥэтэн, суолбутун-ииспитин булан, торумнанан салгыы саҥа 2023-2024 үөрэх дьылын көрсөргө бэлэммит.
Хас нэдиэлэ бастакы күнүн аайы “Дьоһуннааҕы кэпсэтии” иитэр үлэҕэ аналлаах кылаас чаастара киирбиттэрин бары билэбит.
Бу кылааас чаастарын сүрүн ис ис хоһооно туохханый? Бастатан туран, төрөөбүт дойдуга таптал. Хас биирдии киһи төрөөбүт дойдулаах. Ол ону дьиҥнээхтик кутугар-сүрүгэр иҥэринэн, кини суолтатын өйдөөн, өйдүүн-сүрэхтиин, били, сахалыы эттэххэ, сүрэхтиин-быардыын бэринэн туран таптыыр буола улаатарыгар оҕо эрдэҕиттэн иитиллэн тахсыахтаах. Онно сөптөөх эйгэ баар буолуохтаах.
Иккиһинэн, ийэ тылы харыстааһын. Хас биирдии киһи төрөөбүт тыллаах. Ол гынан баран, ол төрөөбүт тылбыт биһигиттэн бэйэбититтэн тутулуктаах: кини баар буолар дуу, эбэтэр кини суох буолар дуу. Хас биирдии киһи бэйэтин төрөөбүт тылынан саҥаран, төрөөбүт тылынан кэпсэтэн, төрөөбүт тылынан ыллаан-туойан төрөөбүт тылын харыстыахтаах уонна бэйэтин кэлэр кэнчээри ыччатыгар, оҕолоругар туттарыахтаах. Дьэ, бу биһиги биир сүрүн сыалбыт уонна сорукпут буолар.
Аны биһиги дойдуһа оҕону иитэн таһаарыахтаахпыт. Дойдуһа диэн кимий? Нууччаттан киирбит тыллары сахатытыыга үлэ барар турар. Дойду диэн наһаа үчүгэй тыллаахпыт сахалыы. Онтон дойдунаат диэн патриотизм диэн тылы таһаарбыттар. Уонна патриот диэни дойдуһа диэн тылынан туттуохха диэннэр этии киллэрэллэр. Бу этиини улаханнык биһирээн туран, туох баар олохпутугар-дьаһахпытыгар, үлэбитигэр-хамнаспытыгар дойду, дойдуһа, дойдунаат диэн тылы туттуоххайыҥ. Онон мин бүгүн эһиэхэ улахан докумуону билиһиннэрэрбэр дойдуһа оҕо (патриот оҕо) уонна дойдунаат (патриот, патриотизм) диэн тыллары туттан тураммын саҥарабын.
Дойдуһа оҕону хайдах иитэбит?
Дьэ, биһиги дойдуһа оҕону хайдах иитэбитий? Биллэн туран, кини киһилии киһи буолар туох ханнык иннинэ. Ол киһилии киһи ханна баарый? Кинигэҕэ баар дуу, былакаакка баар дуу, атын хайа эрэ дойдуга баар дуу? Ону биһиги бэйэбит быһаарабыт. Бу киһилии киһи диэн биһиги аттыбытыгар сылдьар дьоммут. Биһиги ийэбит, аҕабыт, эһэбит, эбэбит, биһиги уруу-аймах дьоммут уонна биһигини тулалаан турар үлэһит дьоннор. Үлэһит киһи киһилии киһи буолар. Ол иһин биһиги үлэни өрө тутабыт. Онон үөрэх, иитии систиэмэтигэр оҕо саадыттан саҕалаан хас биирдии кэрдиис кэм аайы дойдуһа оҕону, киһилии киһини иитэргэ уонна дойдунаат биһиги куппутугар-сүрбүтүгэр иҥэринэригэр “Эркээйи эргиирэ” диэн улахан бырагыраамма өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлии турар. Ол ону тутуһаммыт, олохпутугар киллэрэммит хас биирдии киһиэхэ бэйэтигэр ким эрэ баар буолуохтаах. Кинини холобур оҥостор киһибит баар буолуохтаах. Сахаларга даҕаны оннук дьоммут элбэх. Онтон биирдэстэрэ — Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй.
«Өксөкүлээх үөрэҕэ». Киһилии киһини иитии
Айсен Сергеевич Николаев биһиги Ил Дархаммыт 2023-2027 сыллары Өксөкүлээх биэс сылынан биллэрдэ. Биһиги онно эппиэттээммит “Өксөкүлээх үөрэҕэ” диэн кэнсиэпсийэ суруйаммыт уонна ол кэнсиэпсийэҕэ олоҕуран үөрэх, иитии систиэмэтигэр “Өксөкүлээх үөрэҕин” киллэриэххэ диэни Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ, “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата өйөөннөр, улахан үлэни саҕалаан эрэбит.
Быйылгы үөрэх сылыттан бу “Өксөкүлээх үөрэҕэ” үөрэх, иитии систиэмэтигэр Саха сиригэр киириэхтээх. Онон бу үлэни кылгастык ити ис хоһоонун арыйдым. Ол курдук, төрөөбүт дойдуга таптал, ийэ тылы харыстааһын, киһилии киһини иитии диэн. Бу үс сүрүн сыалы-соругу туруоран, биһиги “Өксөкүлээх үөрэҕин” олоххо киллэрэбит.
Манна оҕо оскуолаҕа киириэҕиттэн, өссө инникилээн эттэххэ, оҕо уһуйааныгар кэлиэҕиттэн, ол иннинэ өссө инникитин эттэххэ, оҕо дьиэ кэргэнтэн күн сирин көрөөт даҕаны “Өксөкүлээх үөрэҕэр” уһуйуллубутунан барар эйгэтэ баар буолуохтаах. Онон бу “Өксөкүлээх үөрэҕэ” халлаантан түһэн кэлбэтэ. Өксөкүлээҕи өрө тутан, кини үөрэҕин ылынан үлэлии олорор оскуолалар, биирдиилээн тэрилтэлэр уонна түмсүүлэр да бааллар. Олору бүтүннүүтүн түмэр курдук гына, СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтэ уонна “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата сүрдээх үчүгэй бырайыагы толкуйдааннар олоххо киллэрэн эрэллэр. Ол сүнньэ “Өксөкүлээх үөрэҕэ” диэн Таатта улууһун Матвей Николаевич Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатыгар оҥоһуллубут “Өксөкүлээх үөрэҕэ” кэнсиэпсийэ олоххо киириитэ буолар.
«Өксөкүлээх үөрэҕэ» сырдыгынан сыдьаайдын!
“Өксөкүлээх үөрэҕэ” 2022 сылтан саҕаланан, Тыараһа орто оскуолатыгар оҥоһуллан олоххо киирэн эрэр. Кини сүрүн уратыта диэн манна нэһилиэк бүтүннүүтэ кыттыахтаах. Аҥардас биир эрэ оскуола, оҕо уһуйаана буолбатах. Нэһилиэккэ олорор киһи барыта кыттан, биһиги киһилии киһини иитэммит Ийэ дойдуга тапталы оҕоҕо иҥэрэммит, бу кэлэр биэс сылга XXI үйэҕэ олорор олохпут укулаатын, олорор олохпут айанын оҥорон таһаарыахтаахпыт.
Дьэ, онон, бука барыгытын “Өксөкүлээх үөрэҕэ” бырайыакка кыттыһаргытыгар, бу үөрэҕи бэйэбитигэр ылынан хас биирдиибитигэр сүрэхпитигэр, олохпутугар “Өксөкүлээх үөрэҕэ”, Өксөкүлээх өйө-санаата сырдыгынан сыдьаайа турдун диэн алгыспын уонна баҕа санаабын тиэрдэбин.
keskil14.ru