Сэтинньи ый 18 күнүгэр, биһиги «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» кылаас чааһыгар Үтүө дьыала диэн өйдөбүл туһунан сиһилии биллибит. Үтүө киһи – эйэҕэс майгылаах, аһыныгас, киэҥ толкуйдаах, атын дьон кыһалҕатын өйдүүр, ылынар.
Үтүө санаалаах киһи бэйэтин баҕатынан, ис санаатыттан үтүөнү оҥорор, дьоҥҥо көмөлөһөр. Уонна хорсун быһыы туһунан. Хорсун быһыы – үтүө санааттан тахсар. Оҕо эрдэҕиттэн төрөппүттэрэ тапталын иҥэринэ улааппыт киһи атын дьон кыһалҕаларыгар көмөлөһөр, ыксаллаах түгэҥҥэ хорсунун көрдөрөр. Хорсун быһыы араас буолуон сөп: саллааттар Аҕа Дойдуларын көмүскээһинэ, чиэһинэй буолуу, дьон олоҕун быыһааһын, атын киһи буруйун бэйэҕэр ылыныы уо.д.а.
Онон түмүккэ эттэххэ, үтүө дьыала ис сүрэхтэн тахсыахтаах, күн аайы хас биирдии киһи олоҕор баар буолар эбит.
Дарина АНДРОСОВА, 8 «а» кылаас, Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас