Тохсунньу 16 күнүгэр Ороһу орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ куйаар ситиминэн үөрэннилэр да буоллар «Разговор о важном» кылаас чааһыгар 1-11 кылааска дылы Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» саҥа бырайыагын иһинэн сахалыы тылынан тахсар матырыйааллары «Ленинград блокадата» диэн уруок ыытылынна.
Алтыс кылаас салайааччыта Татьяна Фёдоровна Никонова кылааһын оҕолорун санаатын түмтэ.
Юлия Кондакова: — Нэдиэлэ хас бэнидиэнньигин аайы маҥнайгы уруогунан кылаас чааһа буолар. Халлаан тымныытынан куйаар ситимин нөҥүө ыытылынна. «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата саҥа «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» бырайыагынан үөрэннибит. Уруок тиэмэтэ «Ленинград блокадата».
Гена Иванов: — Уруок тиэмэтэ интэриэһинэй да, хараастыылаах да. Блокада кэмигэр дьон ыараханнык олох туһугар охсуспуттар.
Арчылаана Васильева: — Сэрии буолара ыарахан. Ленинград блокадатыгар аччыктааһын, тоҥуу буолан, дьон бөҕө орто дойдуттан барбыта истэргэ да, көрөргө да уустук.
Кеша Иванов: — Дневник Тани Савичевой билистибит. Кини биһиги саастыы кыыс эбит. Сэбиэскэй кэм үөрэнээччитэ блокада кэмигэр дьиэ кэргэнэ бары өлбүттэр. Хорсун кыыһы аһынным. Оҕоҕо төрөппүттэрэ саамай чугас, күндү дьоно.
Харысхал Малахаев: — Блокада 872 күн буолбут. Мин Ленинград блокадатын атын сэрии буолуо дии саныыр этим, Аҕа дойду сэриитэ эбит. Күҥҥэ оҕоҕо, үлэһиккэ 125 грамм килиэп бэриллэр эбит. Санаан көрдөххө, кып-кыра килиэп дьон тыыннаах буоларыгар өрөһүлтэ буолара саныахха уустук.
Алина Тарасова: — Ленинград олохтоохторо тапталлаах куораттарын көмүскүү, харыстыы сатаабыттара — дьоруойдуу быһыы. Ладожскай өрүһү — Олох суола диэн ааттаабыттар. Тоҕо? Өрүһүнэн ас-таҥас кэлэрин иһин. Чахчы өрүс барахсан элбэх киһини быыһаан, чахчы даҕаны Олох суола буолбут.
«Кэскил» оҕо кыһатын бэчээтин бырайыага инникилээх. Бырайыак өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын кылааһын салайааччыларыгар оҕону патриотическай тыыҥҥа, киһи быһыытынан иитиллэн тахсарыгар ахсаабат көмө буолсу диэн уруогу ыыппыттар биир санаанан этинэллэр.
Нина Михайлова, «Тымтык» эдкорпост салайааччыта, Ороһу.