Бүгүн, ахсынньы 2 күнүгэр, Е.А. Борисов аатынан бибилэтиэкэ-архыыпка “Дьоһуннааҕы кэпсэтии” дьарык ыытылынна https://vk.com/wall-199463452_25659
Дьарыгы Чурапчы улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Павлович Оконешников ыытта.
Дьарык тиэмэтэ ахсынньы 5 күнүгэр бэлиэтэнэр Бүтүн Арассыыйатааҕы Волонтер күнүн көрсө “Волонтер диэн кимий? Биһиги олохпутугар туох суолталааҕый?” диэн буолла. Яков Павлович бу дьарыгы Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата сахалыы тылынан оҥорон таһаарар «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» сценарийыгар олоҕуран ыытта. https://keskil14.ru/ahsynny-2-k-ne-volonter-dien-kimij-kini-bi-igi-olohputugar-tuoh-suoltalaa-yj-kto-takoj-volonter-pochemu-on-vazhen-dlya-nas/
Волонтер диэн дьоҥҥо баҕа өттүнэн көмөлөһөр, үтүөнү оҥорор киһини ааттыыллар. Волонтерскай үлэнэн 14 саастаах оҕоттон саҕалаан 70 сааһыгар диэри кырдьаҕас киһи эмиэ дьарыктаныан сөп эбит.
Биһиги бу дьарыктан волонтер үлэтэ хас да хайысхаҕа арахсарын биллибит. Холобур, тулалыыр эйгэҕэ, кыаммат дьоҥҥо, быраастарга, кыылга-сүөлгэ, араас тэрээһиннэри ыытыыга көмөлөһүү, бэйэ баҕатынан хаан туттарыы, СМИ өттүгэр көмөлөһүү. Онон волонтер уопсастыбаҕа туһата олус элбэх эбит. Волонтер оҕолорго үөрэххэ туттарсалларыгар эбии балл эбиллэр эбит.
Чурапчы улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Павлович Оконешников маны барытын олус үчүгэйдик, өйдөнөр гына быһааран кэпсээтэ.
Биһиги, «Тумус кыһа» медиа-киин кэрэспэдьиэнэрэ, Яков Павловичтан «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» туһунан санаатын үллэстэригэр көрдөстүбүт.
– Бүгүҥҥү кэпсэтии Арассыыйа, аан дойду таһымыгар үлэлии-хамсыы турар волонтерскай хайысха туһунан буолла. Бэркэ ааста дии саныыбын. Оҕолору кытта аһаҕастык кэпсэттибит. Оҕолор интэриэһиргииллэр. Ким волонтер буолуон сөбүн, ханнык саайка киириэн регистрацияланыахха сөбүн, аан дойду, Арассыыйа, Чурапчы улууһун таһымыгар волонтерскай үлэ хайдах барарын оҕолору кытта сиһилии ырыттыбыт. Волонтер үлэтэ сүрдээх киэҥ хайысхалаах – социальнай, спортивнай, экологическай. Сыала-соруга диэн дьоҥҥо көмөнү оҥоруу. Бу ис санааҕыттан оҥоһуллар үтүө дьыала. Хас биирдии оскуолаҕа волонтерскай хамсааһыннар бааллар эбит, – диэн кэпсээтэ Яков Павлович.
***
Сайаана Рожина, Х кылаас, С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата:
– Бүгүҥҥү дьарыгы сөбүлээтим. Үчүгэй баҕайытык ыыттылар. Мин бэйэм волонтербун. Волонтердуур диэн наһаа үчүгэй. Оҕолору кытта билсэн-көрсөн, бииргэ алтыһан сылдьаҕын. Саҥа суоллары арыйаҕын. Манна киһи арыллар. Элбэх саҥаны билэҕин. Улуустары, онно олорор биир састыылаахтаргын кытта билсэҕин.
***
Евгения Ивановна Горохова, «Оҕо саас сирдьиттэрэ» ресурснай киин Чурапчы улууһунааҕы куратора:
– Дойдубут үрдүнэн 2021 сыллаахтан «Оҕо саас сирдьиттэрэ» диэн бырайыак баар буолуоҕуттан ыла хас бэнидиэнньик аайы «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» дьарык ыытыллар. «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата федеральнай программаны кытта тэҥҥэ үлэлэһэн, «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» дьарык сахалыы тылынан ыытыллар буолбута. Биһиги улууспутугар баһылыкпыт Степан Анатольевич Саргыдаев «Дьоһуннааҕы кэпсэтиини» өйөөн, бастакынан бэйэтэ саҕалаан, бэнидиэнньик аайы улуус салайааччылара кэлэн «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» дьарыгы ыыталлар. Оҕолор салайааччыны, салайааччы оҕолору кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэллэрэ икки өттүттэн туһалаах. Ситими быспакка, бу курдук үлэбитин салҕаан иһиэхпит.
Ити курдук биһиги улууспутугар «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» бэрт интэриэһинэйдик, сонуннук ыытыллар. Бу маннык тэрийэн ыыталлара биһиги, оҕолор, бэриллибит тиэмэни чугастык ылынан өйдүүрбүтүгэр быдан туһалаах дии саныыбыт.
София ГОГОЛЕВА, Валерия СТЕПАНОВА, VIII кылаас,
“Тумус кыһа” медиа киин, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията