Күндү учууталлар, кылаас салайааччылара!
Олунньу 6 күнүгэр ыытыллар кылаас чааһыгар туттуллар сахалыы тыллаах «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» учууталга көмө матырыйааллар төрдүс таһаарыыта таҕыста. Уруок тиэмэтэ «Наука күнэ».
Бу таһаарыыга 1-4 уонна 10-11 кылаастарга уруоктар икки тылынан — сахалыы, нууччалыы таҕыстылар.
Көмө матырыйаалларга киирдилэр:
- уруок сценарийдара,
- презентациялар,
- тустаах видеороликтар,
- интерактив (оонньуу, тургутук).
«Дьоһуннааҕы кэпсэтии» уруогу ыытарга туһалаах матырыйааллары бу сигэнэн хачайдааҥ ылыҥ (олунньу ыйы көрүҥ): https://keskil14.ru/do-unnaa-y-kepsetii/
keskil14.ru