Биһиги оскуолабытыгар «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» хас бэнидиэнньик аайы буолар. Бүгүн алтынньы 14 күнүгэр уруок хайдах ааспытын, оҕолор, учууталлар туох саҥаны билбиттэрин туһунан интервью ыллыбыт.
Айсаана Михайлова, IV кылаас үөрэнээччитэ: «Мин кылаас чааһыгар оҕо хас саастан ким диэн ааттанарын биллим. Паспорт ыллахпытына, Арассыыйа гражданина буолабын диэн өйдөөтүм».
Айгылаана ПЕТРОВА, Дайаана СОЛОВЬЕВА,VI кылаас
***
Дария Ефимовна Николаева, география учуутала: «Алтынньы 14 күнүнээҕи «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» «Мин оҕобун. Мин гражданиммын. Мин эппиэтинэстээхпин» диэн тиэмэҕэ ыытылынна. Саха өйдөбүлүнэн, киһи үүнүүтэ-сайдыыта үс кэрдиискэ арахсарын туһунан кэпсэттибит. Уруок сценарийа урукку уонна билиҥҥи кэми кытта ситимнэнэн оҥоһуллубутун сөбүлээтим. Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй эппиэтипнэс туһунан өйдөбүлэ Реас Кулаковскай «Аҕам олоҕо» айымньытынан оҥоһуллубут подкаһы оҕолор бука умнубакка өйдөөн хаалаллара буолуо. Оҕону эппиэтинэскэ үөрэтиигэ аналлаах дьарык буолла. Өксөкүлээх Өлөксөй «Оттоку олук алгыһа» айымньытынан үчүгэй баҕайы чек-лист толордубут. Оҕо олоххо бэлэмнээҕин, эппиэтинэстээҕин сыаналанарыгар туһалаах».
Айуол НОВИКОВ, Арсен ШЕПЕЛЕВ, VI кылаас
Чакыр орто оскуолата, Амма