Бары дьоһун олохтонуохпутун сөп дуо? Мин санаабар, олохтон толору астынан, дуоһуйан олорор киһи дьоһун олохтоохпун диэҕин сөп. Ол эрээри, үгүс киһи баарын астыммат. Нууччалыы эттэххэ, “что имеем — не храним, потерявши плачем”. Тулабытын көрүнүөххэ.
Хас биирдии киһи туохха эрэ тиэтэйэр, тугу эрэ ситиһэ сатыыр, кими эрэ, эбэтэр, тугу эрэ уларытыан баҕарар… Олоҕуттан толору астыммыт, дуоһуйбут киһи баара биллибэт.
Киһи бары тус-туспа майгылаах-сигилилээх, өйдөөх-санаалаах. Олохтон тугу күүтэрэ, хайдах таһымҥа тиийэ сайдыан баҕарара эмиэ тэҥ буолбат. Ол былааннаабыт таһымыгар тиийдэҕинэ эрэ дуоһуйан-астынан, дьоһун олохтоннум диирэ дуу…
А.Е. Кулаковскай “Оттоку олук алгыһа” хоһоонун түмүгэр инники эппитин барытын үс строкаҕа чиҥэтэн суруйбут:
Үгүс үөрүүлээх күннэн,
Уһун уруйдаах олохтон,
Салпат саргылаах саастан!
Маҥнайгы строкаҕа этиллибит кимиэхэ баҕарар өйдөнөр уонна чугас. Олоххуттан астынар-дуоһуйар күннэриҥ элбэх буоллуннар диэбит. Иккис строкаҕа этиллибит уһуннук олоруу эмиэ үчүгэй доруобуйалаах, куһаҕан дьаллыктарга ылларбатах, элбэхтик санаарҕаан-хомойон стресстэммэтэх киһиэхэ табыллара саарбахтаммат. Көннөрү уһун олох буолбатах – уруйдаах. Үһүс строкаҕа этиллэр “салпат” диэни хайдах быһаарыахха сөбүй? Салгыбат диэн өйдөөтөххө, олохтон салгыбакка хас биирдии күнү сонургуу, саҥаны арыйа көрсүү буолуо. Саргы – дьол диэн өйдөбүллээх. Ол аата, “Салпат саргылаах саастан” диэн хас баҕарар сааскар олохтон хаһан даҕаны салгыбакка дьоллоохтук олор диэн эбит. Мин төлөпүөн оонньууларын олус умсугуйан оонньуурбун дьонум утарса, тохтото сатыыллар, тоҕо диэтэххэ, бу дьарык доруобуйаҕа олус буортулаах, оттон туһата кыра соҕус. Кулаковскай кэмигэр төһө даҕаны маннык кыһалҕа суоҕун иһин, кини хоһооно толкуйдатар: харахпытын, кулгаахпытын, сиспитин мөлтөттөхпүтүнэ, сааһыран баран, дьоллоох буолуохпут дуо?
Бу хоһоону аахпыт хас биирдии киһи дьоһун олох туһунан толкуйдуон, туох эрэ түмүк оҥостуон сөп. Онон барыгытын Өксөкүлээх хоһооннорун ааҕарга ыҥырабын! Дьоллоох буолуҥ!
Захаров Рустан , С.И.Тарасов аатынан
Өрт орто осколатын IX кылааһын үөрэнээччитэ, Горнай улууһа.