С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията сылтан сыл туйгун түмүктэри ситиһэр. 2023-2024 үөрэх дьыла эмиэ үгүс кыайыылаах-хотуулаах буолла.
Бастатан туран, биһиги гимназиябыт оҕолор «Инникигэ хардыы» о.д.а кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилэринэн киэн туттар. Ону таһынан гимназистар үөрэххэ, спортка эмиэ үгүс ситиһиилээхтэр. Оҕолор ситиһиилэрэ баҕа санааттан, күүстээх үлэттэн уонна куруук көмө буолар учууталларыттан тахсар.
Былырыыҥҥы үөрэх дьылын биир чаҕылхай ситиһиитэ – Бүтүн Арасссыыйатааҕы «Профессионалы» чемпионат өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕин «Спасательные работы» компетенциятыгар биһиги гимназиябыт хамаандата I миэстэ буолан кыайыы өрөгөйүн билбитэ. Кинилэри география уонна ОБЗР учуутала Сергей Сергеевич Абрамов дьарыктыыр.
Бэс ыйыгар Сергей Сергеевич оҕолорун – Сардана Старостина, Айхал Шестаков, Эрчимэн Кузьмин, Айсен Степанов, Ваня Лукин – кытта Дальнай Востокка Владивосток куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы «Профессионалы» чемпионат түмүктүүр түһүмэҕэр «Спасательные работы» компетенцияҕа Сахабыт сирин чиэһин көмүскээн кэлбиттэрэ. Арассыыйа бастыҥтан бастыҥ хамаандаларын кытта киирсибиттэрэ. Россия, Башкирия, Татарстан, Алтай, Приморскай кыраай, Псков, Хабаровскай, Москва, Санкт-Петербург, Липецк, Челябинск куораттар, Москва уобалаһын, о.д.а. күүстээх хамаандаларын кытта күөн көрсүбүттэрэ.
Күүс-уох, тулуур, дьулуур өттүтүнэн хайдах тургутуулары ааспыттарын туһунан биһиги доҕотторбутун уонна учууталбытын кытта кэпсэтиибин умсугуйа ааҕыаххыт диэн эрэнэбин.
Ваня Лукин, Сардаана Старостина, АйхалШестаков, Эрчимэн Кузьмин, Айсен Степанов:
– Ыарахан, үгүс уустуктардаах күрэх буолан ааспыта. Элбэх уопут ыллыбыт, аныгыс сылга эмиэ үчүгэйдик бэлэмнэнэн, өссө күүскэ дьарыктанан баран, кыттар гына сорук туруоруннубут.
10 миэтэрэ үрдүккэ тахсыы саамай ыарахан этэ. Үөһэ ыттан баран, эчэйбит киһини туоратыахтаах этибит. Ол эмиэ уустук соҕус этэ. Түһүмэхтэри барытын биир гына холбоон кэбиспиттэрэ. Маннык күрэххэ киһи тулуура, күүһэ-уоҕа көстөр эбит. Хамаанда үлэтэ элбэҕи быһаарар, хас биирдиибит биир киһи курдук хамсаныахтаахпыт, эппиэтинэстээх буолуохтаахпыт. Эрдэттэн ким тугу гынарын быһаарсан, былааннаан сырыттыбыт.
Сыаналыыр хамыыһыйа хаачыстыбаны уонна куттал суох буолуу быраабылаларын тутуһарбытын көрбүтэ. Бириэмэни көрбөттөр эбит. Биһиги потокпутугар Башкортостан, Псков хамаандалара күүстээх дьарыктаахтара тута биллэрэ. Улахан куораттар буолан, бэйэлэрэ дьарыктанар базалаахтар. Арассыыйа таһымнаах күрэхтэргэ хаһыс да сырыыларын кытталлар. Бары 11 кылаас оҕолоро.
Биһиги санаабытыгар, ортотук кытынныбыт. Өссө үчүгэйдик кыттыа эбиппит. Ол да буоллар туох баар кыахпытын көрдөрдүбүт. Баран кэлбиппититтэн астынныбыт. Элбэх саҥа табаарыстарданныбыт. Псков, Башкортостан оҕолорун кытта алтыстыбыт. Саха сириттэн устудьуоннарга Үөһээ Бүлүү хамаандата барбыта. Кинилэри кытта чугастык билистибит, доҕордостубут. Сүбэни-аманы биэрэн, үгүстүк күүс-көмө буолбуттара.
Эбиитин сири-дойдуну көрдүбүт. Владивостокка «Кыһыл көмүс» муостаҕа, таас бухтаҕа, Уһук Илиннээҕи федеральнай университекка сырыттыбыт. Владивосток олус элбэх тииттээх. Барыта күп-күөх. Уонна сииктээх эбит. Күрэхтэһиибит ардахтаах баҕайы кэмҥэ буолбута. Биир эрэ күн ардаабата быһыылаах. Онтон Саха сиригэр төннөн иһэн Иркутскай уобаласка Байкал күөлгэ сылдьыбыппыт. Олус кэрэ көстүүлээх, ураты тыыннаах сир эбит.
Бу курдук, оҕолор дьарыкпыт, күрэххэ кыттыбыт уопуппут олохпутугар туһа буолуо диэн истиҥник эрэнэллэр. Ваня инникитин быыһыыр сулууспа үлэһитэ буолар былааннаах.
Сергей Сергеевич Абрамов, салайааччы:
– Эрдэтээҥҥи сылтан таһыма лаппа үрдээбит. Эспиэрдэр уларыйбыттар. Барытын биир модуль гына холбоон кэбиспиттэр. Туох баар ымпыгын-чымпыгын көрөр үчүгэй эспиэрдэр үлэлээтилэр. Улахаттарга сылдьыбыт эспиэрдэр. Ол иһин улахан дьон күрэҕин курдук барда. Антах тиийэммит тугун-ханныгын билэн, сып курдук бэлэмнэнэ охсон, оҕолор үчүгэйдик кытыннылар. Туох баар бэлэмнэммиттэрин көрдөрдүлэр. Сорох түһүмэхтэргэ ыарахаттары көрүстүбүт. Таҥас-сап элбэҕи быһаарар. Биһиэнэ барыта уларсыы. Бэйэбит размербыт буолбатах. Ол барыта бириэмэҕэ охсор уонна киһи сэниэтин ылар. Эспиэрдэр эмиэ ол туһунан эттилэр, оҕолорго барыта сөрү-сөп буолуохтаах диэн.
Эрдэттэн Арассыыйаҕа барыахпыт диэн сыал-сорук туруорунан, үс сыл тухары дьарыктаммыппыт түмүгэр күрэх финалыгар кыттан кэллибит. Элбэх күүһү, тулууру, тобуллаҕас өйү эрэйэр күрэх. Оҕолорго, бу баран кэлбиттэрэ, улахан уопут буолар. Биир хамаанда үлэтин көрдөрдүлэр. Эспиэрдэр хайҕаатылар. Сахабыт сирин ааттатан кэллибит диэн киэн тутта этиэххэ сөп.
Барарбытыгар поеһынан барбыппыт. Үс күн айанныыр эбит. Айаннаан иһэн Уссурийск, Хабаровскай, Тында куораттары көрдүбүт. Кэлэрбитигэр сөмөлүөтүнэн көппүппүт. Иркутскайга тохтоон ааспыппыт. Листвянка бөһүөлэккэ сылдьан Байкал күөлү көрдүбүт. Оруобуна Иркутск куорат күнэ этэ. Онон бырааһанньыкка түбэһэн, олус үчүгэйдик сырыттыбыт.
Түгэнинэн туһанан, оскуолабыт администрациятыгар, дириэктэрбитигэр Юрий Михайловичка махтанабыт. Чуолаан, барыыбыт-кэлиибит докумуонугар үлэлэспит дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Оксана Степановнаҕа. Ону таһынан Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтатын начальнигар Юрий Павловичка, улуус иитэр үлэҕэ отделын салайааччытыгар Евгения Ивановнаҕа махталбытын тиэрдэбит. Саамай сүрүнэ, төрөппүттэрбитигэр оҕолорун өйөөн, утары бараннар, кинилэргэ эрэнэн ыыппыттарыгар махтанабын.
Куруук күүс-көмө буолар, бииргэ үлэлэһэр тэрилтэлэрбитигэр оҕолор уонна бэйэм ааппыттан махталбытын тиэрдэбит. Чурапчытааҕы баһаарынай чаас начальнигар Алексей Константиновичка, Чурапчытааҕы агро-техническэй колледж дириэктэригэр Василий Васильевич Гуляевка, преподавателлэригэр Василий Васильевич Михайловка, Василий Васильевич Шадриҥҥа уонна Мындаҕаайытааҕы баһаарынай чаас начальнигар Виталий Николаевич Ефремовка, ГАУ дириэктэригэр Марианна Анатольевна Сивцеваҕа, Чурапчытааҕы авиа-лес охрана тэрилтэ үлэһиттэригэр улаханнык махтанабыт. Күрэххэ туттуллар тэриллэрбитин уларсаннар, этэҥҥэ кыттан кэллибит.
Бу курдук олус интириэһинэй, үрдүк ситиһиилэринэн толору, чаҕылхай үөрэх сыла ааспыта. Мин маннык күүстээх баҕа санаалаах оҕолору кытта дьоһуннаах учууталларга үөрэнэрбиттэн киэн туттабын. Быйылгы үөрэх сылыгар гимназиябыт өссө тупса, сайда турдун, оҕолор өрүү үрдүккэ, үтүөҕэ, кэрэҕэ талаһыахтыннар. Ситиһииттэн ситиһии саҕыллан кэлэ турдун диэн баҕа санаабын этэбин.
Арина СОТНИКОВА, XI кылаас,“Тумус кыһа” пресс-киин,
С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията